ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

доҕор

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы друг.

English friend

Ис хоһооно · 8

1 аат тыл #

Кимиэхэ эмэ чугас, истиҥ сыһыаннаах, туох эмэ уопсай интэриэстээх киһитэ, атаһа

Нууччалыы Друг. Доҕорго эрэллээх, Ийэ дойдуга бэриниилээх буолуҥ. Н. Лугинов. Доҕор доҕорун алдьархайга хаалларбат (өс хоһ.). Доҕор туһугар уҥуох тостор (өс хоһ.). Истиэнэ тэҥэ эрэллээх Истиҥ доҕор буолар дьиҥнээх. Баал Хабырыыс. // Ким эмэ таптыыр, сөбүлүүр, чугас бэриниилээх киһитэ; кэргэнэ. Супруг, супруга; возлюбленный, возлюбленная. Элэккэй, сайаҕас, Эрэллээх доҕорум, Күөх унаар хонууга Күүлэйдии барыахха. Күннүк Уурастыырап. Лаана Сережаны олус да өр күүппүтэ, көрдөөбүтэ. Кини ыра санаатын ымыыта гынан, өйүгэр оҥорбут доҕордооҕо. Н. Лугинов. Оо, дьолум, доҕорум, туллугум. Улахан тапталы умнумуох. П. Тулааһынап

  • Доҕор дьонтон дууһа сырдыыр, өй үөрэр.
    П. Тулааһынап
  • Доҕор кыыс умнубатах тапталын мүөтэ Туоххаһыйбыт сүрэхпин ититтэ.
    Т. Сметанин
  • Доҕоччугуом, өйдүүгүөн Доҕор уолгун кытары Аргыый куустуһа өйөһөн Андаҕайсар тылларгын?
    И. Чаҕылҕан

2 аат тыл #

Уопсастыба олоҕор өйүнэн-санаанан, биир интэриэһинэн кими эмэ кытта биир санаалаах киһи

Нууччалыы Единомышленник; сторонник

  • Доҕотторбут сир үрдүгэр үгүстэр, – Кинилэр дьулуурдара Москваҕа түмсэр.
    А. Абаҕыыныскай
  • Саха үлэһит норуотун дьиҥнээх доҕотторо нуучча пролетариата, нуучча бааһынай аймаҕа буоларын ама мин өйдөөбөт үһүбүн дуо?
    С. Ефремов
  • Эн Мишаҕа доҕор киһи анаатыҥ дуо?
    С. Ефремов

3 аат тыл #

Бииргэ сылдьар аргыс киһи

Нууччалыы Попутчик, провожатый

  • Айан аргыстаах, суол доҕордоох (өс хоһ.). [Манчаары:] Мин таһырдьа доҕоттордоохпун, олортон биирдэрин ыҥыран киллэриэххэ.
    Эрилик Эристиин
  • Төһө да сырдыгын иһин, оҕонньордоох чугастааҕы ыалларын дьоно куттанан, доҕоро суох таһырдьа тахсыбат буолбуттара
    Күннүк Уурастыырап

4 аат тыл #

Өйгө-санааҕа, киһиэхэ олус чугас ким-туох эмэ

Нууччалыы Существо, близкое или привязанное к человеку (напр., о животных); что-л., близкое сердцу (напр., о природе)

  • Дорооболоруҥ, доҕотторум, хатыҥнар! Төлөһүйбүккүт, тупсубуккут.
    Баал Хабырыыс
  • Каюр сатабыла уонна кини түөрт атахтаах доҕотторун сырата баар буоланнар -- араас нарын-намчы таһаҕастаах сыарҕа эчэйбэккэ, сыыр нөҥүө өттүгэр этэҥҥэ өрө анньыллан таҕыста.
    Н. Заболоцкай
  • Ыраах айанныыр булчукка Ыт буолар – эрэллээх доҕор
    С. Данилов

5 аат тыл #

Бииргэ күрэс былдьаһааччы, утарсааччы

Нууччалыы Соперник в состязании; партнер; противник (напр., в боксе)

  • Эйигинниин тутуһар тэҥнээх доҕор көстүө

6 аат тыл #

Чугас, билэр киһини эбэтэр көннөрү да дьону эйэҕэстик ыҥырыы

Нууччалыы Употребляется как обращение к близкому человеку, а также как доброжелательное обращение к кому-л., вообще

  • Хайа, доҕор, бачча өр Ханна сылдьаҥ мэлийдиҥ?
    Күннүк Уурастыырап
  • – "Доҕоор, чаанньыкпыт кыынньа эбээт, чэ, чэйдиэх," – диэтэ Байбал.
    Күндэ
  • Кэбис, доҕоттоор, дьиэҕэ киирэн наҕылыччы кэпсэтиэҕиҥ
    И. Никифоров

7 даҕааһын #

Кимниин эмэ өйүнэн-санаатынан биир, чугас, истиҥ

Нууччалыы Близкий, искренний; связанный тесной дружбой, любовью

8 даҕааһын #

Аргыс, көмө буолар

Нууччалыы Сопровождающий, помогающий, поддерживающий

«Д» буукуба