Перевод с якутского
ахтыы
аат тыл
Нууччалыы тоска.
1 аат тыл #
Кими-тугу эмэ көрүөҕү баҕарыы, ол туһунан санааһын
Нууччалыы Тоска. Васяттан биирдэ эмэ кэлэр суруктар ол ахтыы күчүмэҕэйдэрин кырааскалыы түһэн ааһаллара. Н. Заболоцкай. Оо, өр да күүттүҥ, эн саха кыыһа, эрэллээх кэргэн быһыытынан, дьиҥнээх сүрэх ахтыытынан. Т. Сметанин. Ахтыыттан үүккүн тоҕон Айманна дуу санааҥ? Баал Хабырыыс
2 аат тыл #
Өйгө хаалан хаалбыт урут туох эмэ буолбуту санааһын
Нууччалыы Воспоминание о чем-л. прошедшом
Ахтыы диэн тус бэйэ хайдах көрбүтүн-билбитин чуолкайдык туоһулаан көрдөрүү эрэ буолар. Амма Аччыгыйа Өксөкүлээх Өлөксөй-А. Е. Кулаковскай туһунан миигин ахтыыта оҥор диэн көрдөстүлэр.
Суорун ОмоллоонБиһиги кыайыыбытын ахтыыбынайдык уһансыбыт, сэрии бойобуой суолларын ааспыт бэтэрээннэр ахтыылары оҥоруулара кэрэхсэбиллээх буолла. “ Кыым
3 аат тыл #
Өлбүт киһини кэриэстээн ааһыы (өлбүтэ тоҕус уонна түөрт уон хонуга туолар күнүгэр ас бэлэмнээн, остуол тардан оҥоһуллар)
Нууччалыы Угощение в память умершего (проводимое на 9-ый и 40-ой день после смерти)
Дьэ диэ, тукаам, ити ыарахан тылы тоҕо тыллаһаҕын? “Ахтыы” диэн суох буолбут киһиэхэ сыһыаннаах тыл эбээт А. Сыромятникова