Перевод с якутского
ахтыһыы
аат тыл
Нууччалыы обмен воспоминаниями
1 аат тыл #
Хардары-таары өйдөтүһүү, санаһыы
Нууччалыы Обмен воспоминаниями
Онтон кэпсэтиибит былыргы хаартыскалары көрүүгэ, олор тустарынан ахтыһыыга халбарыйда. П. Филиппов Чугастааҕыны, халлааны, күнү-дьылы ахтыһыы буолла А. Сыромятникова
2 аат тыл #
Бэйэ-бэйэни суохтаһыы; бэйэ-бэйэҕэ тардыһыы
Нууччалыы Тяга друг к другу; взаимная тоска по друг другу
Тапталлаахтар ахтыһыылара күүстээх буолар. Биһиги бэйэ-бэйэбитин суохтаһыыбыт, ахтыһыыбыт өссө күүһүрбүтэ, ол аайы күндүтүк санаһарбыт дириҥээбитэ. ХС Хаайбаттар улахан тапталы! Ханнык да хараҥа дьайыылар: Кыһалҕа кынаттыыр тапталы, Тапталы ахтыһыы арчылыыр С. Данилов