Перевод с якутского
аҕылаа
туохтуур
Нууччалыы запыхаться, тяжело дышать
1 туохтуур #
Түргэнник көбүөхтээн, үрүт-үөһэ күүстээхтик, иһиллэр гына тыын (түргэн сүүрүүттэн, күүстээх үлэттэн, ыалдьан эҥин)
Нууччалыы Запыхаться, тяжело дышать (от напряжения, болезни)
Аҕылыы-аҕылыы көтөҕө сатыыр. Тогойкин улаханнык киэптэтэ олук уурсан, тиритэн, аҕылаан уотугар кэлистэ. Амма Аччыгыйа Павел Попов аҕылаан бөтүөхтүү-бөтүөхтүү, күрдьэҕинэн буор эстэ. М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (1)
Ыраахтан үүрүллэн кэлбит буолан, сүөһүлэр аҕылыыллар, тылларын таһаараллар, хоннохторун саланаллар Л. Попов
2 туохтуур #
Үрүт-үөһэ көбүөхтээн, тыынан эрэр курдук буол (сорох айылҕа көстүүлэрин эҥин туһунан)
Нууччалыы Колыхаться, колебаться, двигаться (напоминая тяжелое дыхание - напр., о нек-рых явлениях природы)
Алта уон кыраадыс тымныыбыт Аҕылыы турар, түҥ тайҕабыт Түүрэ да тартаран утуйдар, Түүннэри бараллар суоппардар. Дьуон Дьаҥылы. Саҥа дьылбыт ата - тымныы, Тэлгэһэҕэ аҕылыыр, Хамсыыр дьирим элбэх уоппут Харыйаҕа тырымныыр. Т. Сметанин Ыраастыйбыт, үрдээбит торҕо күөх халлааҥҥа аламай маҥан күн аҕылыы талбаарыйа устар буолла Амма Аччыгыйа
3 этии #
Аҕылаан ыалдьыы (ыарыы) бэт. - ньирэй араас уорганнарын биохимическай састааптара кэһиллиититтэн, ордук сүрэҕин уонна атын да быччыҥнара сүһүрүүлэриттэн үөскүүр ыарахан ыарыы Аҕылаан ыалдьыы диэн сахалыы, ыарыы тас көрүҥүттэн көрөн, ньирэй аҕылаан-аҕылаан баран өлөрүн иһин ааттаабыттара. МСИ СС НьЫаУО. Кини [зоотехник] бүгүн Арыылаахха аҕылаан ыарыы туһунан бэсиэдэ ааҕарга быһаарынна. С. Федотов
Нууччалыы Беломышечная болезнь телят