Перевод с якутского
аҕылааһын
аат
Нууччалыы одышка.
1 аат #
аҕылаа диэнтэн хай. аата. Тула аҕылааһын, кыралаан хахсыйыы, ботур-ботур кэпсэтии элбэх. С. Васильев
2 аат #
эмп. Тыын кылгааһына (ыарыы)
Нууччалыы Одышка. Урут көбүөр оту народнай медицинаҕа ииктэтэр, иһи ыраастыыр средство быһыытынан, ону сэргэ аҕылааһыны, тирии ыарыыларын эмтииргэ бэрт киэҥник туһаналлара. МАА ССЭҮү. Итинник үрдээн иһэр суолунан хаамыы сүрэҕи, тыҥаны, ньиэрбэ систиэмэтин балачча түргэнник тупсарар, аҕылааһыны быдан мөлтөтөр. ФВН ТС. Мин манна баһаам үгүс дьыалалаахпын, онон сарсыардаттан күнү быһа тэпсэҥнээн тахсыам. Ол мин аҕылааһыммар соччо сыанан-арыынан аҕаабат үлэ. М. Горькай (тылб.)
3 аат #
бэт. Аҕылаан ыалдьыы, аҕылаан ыарыы (торбос ыарыыта)
Нууччалыы Беломышечная болезнь телят. - Оттон аҕылааһын... кинини утары хайдах охсуһары билбэппин, Аны "бу ыарыыны ветеринарнай наука өссө чинчийэ илик", - диэн эттэ
Н. Апросимов Н. Апросимов