ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

аҕынньы

аат тыл

Нууччалыы состояние стойкости или нестойкости к дурному вкусу, запаху, тошноте

1 аат тыл #

Куһаҕан амтаны, сыты, сидьиҥ, быртах быһыыны киһи төһө тулуйара (тулуйбата)

Нууччалыы Состояние стойкости или нестойкости к дурному вкусу, запаху, тошноте

  • Куһаҕан аҕынньылаах киһи өҕүйүмтүө буолар, үчүгэй аҕынньылаах киһи кыраттан аҕынньыта холлубат
    СГФ СКТ

2 этии #

Нууччалыы Чувствовать тошноту, страдать от дурного запаха, тошноты

  • Аҕынньыта төллөр (холлор) - 1) туох эмэ амтанын, сытын тулуйбакка, эбэтэр туохтан эмэ сиргэнэн, эбэтэр ыалдьан хотуолуох курдук буолар, өҕүйэр Эһэ арҕаҕын иһэ киһи аҕынньыта төллүөх, ыыр-дьаар сыттааҕа.
    ХС
  • Арыгыны көрөөт аҕынньым төллүбүтэ.
    Далан
  • Хаҥсырыйан, туттара-хаптара - киһи көрө-көрө аҕынньыта төллүөх курдук.
    Болот Боотур
Өссө холобурдар (3)
  • 2) көсп. Туохтан эмэ олус сиргэнэн кэлэйэр, сиргэ силлиир. Θ Испытывать отвращение, омерзение к чему-л. Эн лахсыыргыттан аҕынньым төллөр.
    М. Шолохов
  • [Морозов:] Хам-бааччы олорор дьону кыдыйаҕыт - киһи аҕынньытын төлүннэрэр сидьиҥ быһыылары оҥороҕут.
    В. Протодьяконов
  • Сайын өлөр диэн кэрэгэй, Күһүн өлөр - күчүмэҕэй, Кыһын өлөр - өссө нэгэй, Саас өл - диэни истиэххэ - Аҕынньым төллөр диэххэ. А. Твардовскай (тылб.)

«А» буукуба