ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

аһарын

туохтуур

Нууччалыы уклоняться от прямого ответа, отказаться от чего-л

1 туохтуур #

Туохха эмэ быһаччы эппиэттииртэн куотун, тугу эмэ оҥорортон ханнык эрэ биричиинэнэн бэйэҕин куоттар

Нууччалыы Уклоняться от прямого ответа, отказаться от чего-л

  • Тус бэйэтин сыыһата тутуллаары гыннаҕына, Атыттары урут сыбаан, Аһарынан куотара.
    Күннүк Уурастыырап
  • Ити курдук Трофимова тугу да билиммэккэ халтарыта, аһарына олордо.
    М. Попов
  • Ол кэмҥэ Лара арыт суруйар, арыт суруйбат буолуталаабыта, чуолкайдык хардара соруммакка, убул-дьибил аһарынара
    Р. Баҕатаайыскай

2 туохтуур #

Бэйэ ханнык эрэ иэйиитин (хол., абарыыны, уордайыыны) кыана туттан аһаран кэбис

Нууччалыы Изживать, подавлять в себе какое-л., чаще неприятное чувство (напр., возмущение, гнев)

  • Эдэрдэр көрдөрүгэр-нардарыгар аралдьыйан, Дьөгүөрдээн хомолтотун аһарынна.
    Амма Аччыгыйа
  • “Араас бэйэлээх” аттар ахтыллыбыттарын Мэхээлэ омнуолуу соҕус истэн баран, аһарынан кэбиһэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Тугу гыныай? - төнүннэ. Абаккатын аһарына, Аргынньах анныгар Бүгүҥҥү күнэ кэлиэр диэри Түүрүллэн сыттаҕа [нэтээгэ]
    И. Чаҕылҕан

«А» буукуба