ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

аһылык

аат тыл

Нууччалыы еда

English food, meal; meal

Ис хоһооно · 6

1 аат тыл #

Нууччалыы еда

English food, meal; meal

  • босхо аһылык
    бесплатная едаa free meal

2 аат тыл #

Нууччалыы корм

English feed, fodder

  • сүөһү аһылыга
    корм для скотаfodder for livestock

3 аат тыл #

Киһи сиир, аһыыр аһа

Нууччалыы Человеческая пища, еда

  • Хайа уонна дьиҥ саха аһылыгына: сылгы хаһатына, чохоонно, тоҥ балыкта эҥин бэлэмнээ. Софр. Данилов. Чэ, баһаалыста, аһаан ис. Боростуой аһылык диэн мыыныма.
    С. Ефремов
  • Хата, манна оройуон да киинин остолобуойугар сэдэхтик көстөр аһылыктар баар эбиттэр
    П. Егоров

4 аат тыл #

Биирдэ аһыырга сөп буолар ас

Нууччалыы Пища, предназначенная на один прием

  • Ким тугу сатыырынан, талбытынан күөстүөн сөп. Үс аһылыкка оросчуоттаан тиэрдиэхтээх этэ.
    Н. Лугинов
  • Тылбыытын ылан, тымтай түгэҕин Тыыннаах балыктарынан ыста. “Биир аһылык буолсу, бэйэ доҕор!” - Үөрэн кини саҥа аллайда
    Дьуон Дьаҥылы

5 аат тыл #

Өйүө

Нууччалыы Провизия, съестные припасы на дорогу

  • Коля кустуу бараары туран аһылык ылынна.
  • Ньукулааскы хас да хонор аһылыгын илдьэ ыраах тааска артыал уолаттарын кытта чубукулуу тахсар буолбута
    Т. Сметанин

6 этии #

Киэһээ (киэһээҥҥи) аһылык - үлэ бүппүтүн кэннэ аһаныллар аһылык

Нууччалыы Ужин. Хобороос өр буолан баран, саҥата суох тахсан, киэһээ аһылыгын бэлэмнии сырытта. А. Софронов. Остуолга саха ыалын киэһээҥҥи аһылыгын сиэринэн соркуойдаммыт эт, арыылаах алаадьы тэриэлкэҕэ өрөһөлүү ууруллубут. Софр. Данилов. Киэһээ аһылык кэнниттэн утуйаары сытан бардылар. Күндэ. Күнүскү аһылык - күн ортотугар аһыыр аһылык. Обед. Күнүскү аһылыктарын Галибаровка киирэн тото аһыыллар. Н. Якутскай. Мин күнүскү аһылыкка дьиэбэр кэлэ турабын - ийэм туппут-хаппыт аһын аһыырбын астынабын. Далан. Оҕолоор, эһиги күнүскү аһылыккытын үөрэххит кэнниттэн аһыыгыт. “ББ”. Сарсыардааҥҥы (сарсыарда) аһылык - сарсыарда, утуйан туран баран, аһыыр маҥнайгы аһылык. Завтрак. Сарсыардааҥҥы аһылыктарын аһаатылар. Амма Аччыгыйа. Сарсыарда аһылыктарын аһаан баран, били соругун толоро Лампа бухатыыра баран хаалбыт. Эрилик Эристиин. Сарсыарда аһылык кэнниттэн хоспор киирэн мин киһибин кэтэһэ олордум. Н. Заболоцкай

«А» буукуба