ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

аһыт

туохтуур

Нууччалыы дать закиснуть, забродить

1 туохтуур #

Көөнньөр (хол., кымыһы)

Нууччалыы Дать закиснуть, забродить (напр., кумысу)

  • Мин хоһоонум ымыйа, Кымыс аһын аһытан, Сылаанньытар сымыйа Сыта да сыстыбатын.
    С. Данилов
  • Бу аһы аһытыҥ, көөнньөрүҥ
    АаНА СТСКТ

2 туохтуур #

Сытыы баҕайытык ыарытыннар, хаарый (туох эмэ итии, тымныы, аһыы уо. д. а. туһунан)

Нууччалыы Обжигать мгновенной болью (о чем-л. горячем, холодном, едком и т. п.)

  • Күүлэ халҕанын тырыта барбыт саркаахтара Маайа сирэйин хайыта көтөн аһыттылар.
    Эрилик Эристиин
  • Ис ырбаахым илийэн баран, эппэр хам сыстан, иэммин аһытар.
    Т. Сметанин
  • Эмискэ халлаан хараҥарбыта, этиҥ эппитэ, салгын гааһынан туолан, киһи хараҕын сиирэ, бэлэһин, тыҥатын аһытара
    Н. Якутскай

«А» буукуба