ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

хаарый

туохтуур

Нууччалыы вызывать ощущение жжения, обжигать, жечь

Ис хоһооно · 5

1 туохтуур #

Киһи этэ аһыйар, ыарыыланар гына сытыытык тымныынан биитэр итиинэн салаа, билин

Нууччалыы Вызывать ощущение жжения, обжигать, жечь (о чём-л. горячем или холодном)

  • Сарсыардааҥҥы дьыбар кулгааҕын хаарыйда, сымнаҕас түү былаатынан саба тардынна.
    А. Сыромятникова
  • Түүҥҥү тымныы салгынтан чараас таҥаһым эппин тыбыс-тымныынан хаарыйар.
    В. Иванов
  • Күлүмнүүр күн уота Көхсүгэр тыкпыта Уорҕатын таһыйар, Уотунан хаарыйар
    ХС

2 туохтуур #

Хаһыҥнаа, тоҥор

Нууччалыы Подморозить, прихватить

  • Хаар хаһыҥ маҥнай нарын-намчы хатыҥ мастары хаарыйда.
    И. Сысолятин
  • Оҕурсуну үүннэрэргэ кылаабынайа тымныы хаарыйбат сирин булуу буолар.
    ФНС ХО

3 туохтуур #

Кими эмэ сирэй-харах ас, хомуруй, кириитикэлээ

Нууччалыы Подвергать кого-что-л. критике, указывать на недостатки

  • Кириитикэбэр аан бастаан дириэктэри хаарыйыам, онтон сопхуоһу даҕайыам.
    Н. Габышев
  • Кырдьаҕас үлэһит эдэри үөрэтэ таарыйа, биир обургу мунньахха хаарыйан турардаах.
    И. Павлов
  • Форумҥа тыа оскуолатыгар үөрэтии хаачыстыбата намыһаҕын хаарыйбыттар
    Кыым

4 туохтуур #

Ыар өйдөбүлү хаалларан, ыарыылаахтык биллэн аас, таарый (тугу эмэ этэргэ)

Нууччалыы Больно задевать кого-что-л., ранить (о чём-л.)

  • Сэрии кэннинээҕи кырыымчык, тиийиммэт-түгэммэт олох ыар тыына барытыгар биллэрэ, хаарыйан ааһара.
    В. Гаврильева
  • Маша ити эппит аҕыйах тыла Николай сүрэҕин ыарыылаахтык хаарыйда.
    А. Сыромятникова
  • Дьулус иннигэр олох хаҕыс салгына хаарыйа охсубут, уйулҕатын хаһыҥҥа хаарыйтарбыт кыыс-дьахтар олорорун саҥардыы өйдөөн көрдө
    С. Юмшанов

5 этии #

Этиилэр

Хаарыйар от

ытырыык от диэн курдук (көр ытырыык).

  • Бохсурҕана, хаарыйар от, зверобой суурадаһыннарынан сайҕаатахха, баттах сыата эмиэ аҕыйыыр. ФВН ТС. Сааһыары сайын кыылга сүмэһиннээх аһылыгы оҕуруот аһынан, хаппыыста сэбирдэҕинэн, хаарыйар отунан уо. д. а. үүнээйинэн толоруллар. САССР КИиФ. Саһылы иҥэмтэлээхтик аһатыыга сүбүөкүлэ, кучу, хаарыйар от, мас сэбирдэҕэ, онтон да атыттар туһалыыллар. БЗИ С
    А. Ср
  • ДТС. хавыр, хаҕур, хоҕур ‘жарить, калить’, кирг. каары ‘прижигать калёным железом’

«Х» буукуба