Перевод с якутского
баал
туоһулааччы, аат тыл
Нууччалыы очень высокая, сильная волна, вал
English many, a lot, much
Ис хоһооно · 5
1 аат тыл #
Муораҕа, өрүскэ улахан, күүстээх балкыыр, долгун
Нууччалыы Очень высокая, сильная волна, вал
Бар дьон күүһэ байҕал баалын курдук (өс ном.). Баараҕай баалынан баргыйбыт улуу муора киэҥ куйаара дьалкылдьыйан көһүннэ. Амма Аччыгыйа Билэҕиэн, сүүсчэкэ сыллаахха Ол поэт [Пушкин] эйигин туойбутун, Будуллар долгуйар бааллаахха Муораҕын өҥөйөн турбутун? Күннүк Уурастыырап
2 аат тыл #
поэт. Туох эмэ күүрээнэ, түллүүтэ
Нууччалыы Приподнятость, пафос чего-л
Халаан ууга маарыннаах, Хааччахтарын бурайан, Халыҥ мууһун уһааран, Олох баала уһунна. Эллэй. Аламай күн далбар баалыгар Аан бастаан сүрэхпэр имнэммит Эн ити кистэлэҥ тапталгын Эппитэ миэхэ биир хахыйах. Күннүк Уурастыырап Сүрэҕи уот маннык кууһарын Урут билбэтэх баҕайым: Мин бэйэм кинини быыһаары Тимирдим таптал баалыгар. М. Джалиль Дорҕоон айан суолугар, Доҕоор, бардым ыраата. Үөрэх, үлэ баалыгар Үйэм миигин ыҥырда. ХС
Өссө холобурдар (1)
Тэҥн. балхаан
3 аат тыл #
Туох эмэ ситиһии сыыппаранан сыаната (хол., үөрэх)
Нууччалыы Цифровая отметка каких-л. успехов, балл (напр., в школьном обучении). 1969 сыл түмүгүнэн сүөһү аһылыгын бэлэмнээһиҥҥэ, бөһүөлэги култуурунай көрүҥнээһиҥҥэ, кинигэни атыылааһыҥҥа Баайаҕа сэбиэтэ сэттэ баалынан кыайыылаах таҕыста
ПДН ТБКЭ. Бастакы мүнүүтэҕэ Виктор Михайлов өҥүс бастан ылсыһа сылдьан, киһитин булгу эрийэн түһэрэн икки баалы ылла. Хапсаҕай. Быйыл университекка баала хапсымына киирбэккэ төннүбүт да, санаммытын ситиһэр оҕо буолуо. Софр Данилов
4 аат тыл #
Үҥкүүлээх, көрдөөх-нардаах оонньуу киэһэтэ
Нууччалыы Большой танцевальный вечер, бал
Уулусса устун ат туйаҕын тыаһа быстыбакка, ким эрэ саппыкылаах атаҕынан атыыһыт баалыгар үҥкүүлээн эрэрин курдук, батыгырыыр. Эрилик Эристиин Оһуохайбыт баалыгар Оҕонньордуун кэллиннэр, Эһиэхэйбит эҥээригэр Эмээхсинниин киирдиннэр! С. Васильев
5 аат тыл #
, тех. Массыына эргитэн хамсатар сүрүн чааһа
Нууччалыы Стержень, вращающийся на опорах и передающий движение другим частям механизма, вал
бит, элэйбит хайа эмэ гаайканы эбэтэр биинтэни, алдьаммыт баалы уларытарга омук сириттэн саппаас чаастары суруйан аҕаллахха, оччоҕо эрэ сатанара. БИД. Кыһыл төлөн саба кууһар Тааҥка тимир баалын Баал Хабырыыс