ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

баатыр

аат тыл, туохтуур

Нууччалыы прославляться, становиться известным

II

1 туохтуур #

поэт. Киэҥник биллэр гына аатыр, сураҕыр

Нууччалыы Прославляться, становиться известным

  • көр боотур. Аакайдааччылар боотуру баатыр дииллэр. Багдарыын Сүлбэ. Кыыс оҕо Куо-Чамчай, Кыскыйдаан баатыр Уот Кутаалай диэн Удаҕан дьахтар Эдьиийдээх этим.
    П. Ойуунускай
  • Биир чокуурунан эстэр бинтиэпкэ саалаах баатыр чуолҕан үүтүнэн кэтээн олорор.
    Суорун Омоллоон
  • Тюрк. батыр
Өссө холобурдар (1)
  • Батталлаах олох баранна, Масчыт, отчут баатырда. Эллэй. Оо, дойдум! Оо, көмүс түгэх, эн Уурумньуҥ, саппааһыҥ түөрүллэн, Бары сир баһынан аатырдыҥ, Баатырдыҥ, үйэҕэр баатырдыҥ!
    Дьуон Дьаҥылы

2 туохтуур #

Туохха эмэ табылын (хол., булка)

Нууччалыы Сопутствовать удаче в чем-л. (напр., на охоте)

  • Онно кини [Бүөккэ] тыытылла илик хаҥыл бултаах сиргэ түбэһэн ити курдук баатырда
    В. Протодьяконов

«Б» буукуба