Перевод с якутского
биһирэмнээх
даҕааһын
Нууччалыы заслуживающий похвалы, одобрения, положительный
1 даҕааһын #
Үчүгэй түмүктэрдээх, үчүгэй көрдөрүүлээх буолан хайҕанар; туһалаах, көдьүүстээх
Нууччалыы Заслуживающий похвалы, одобрения, положительный
Биир тылынан эттэххэ, төһө да уустук кыстык кэлбитин иһин, бүттүүн күүһүнэн турунуу, өйү-санааны чопчу сорукка түмэн үлэлээһин эрэ дьиҥ чахчы биһирэмнээх түмүктэри биэриэхтэрэ. К Тыа сирин үлэһиттэрин олохторун усулуобуйатыгар бөдөҥ биһирэмнээх уларыйыылар таҕыстылар. ХС Оттон эйиэхэ, Суолабар бааллар: Умсулҕаннаах роман курдук, Биллибит поэма курдук, Биһирэмнээх олохтоохтор - Манчаары Баһылай курдуктар, Герой Попов курдуктар Р. Баҕатаайыскай
2 этии #
Биһирэмнээх герой литер. - дьоҥҥо үтүө холобуру көрдөрөр уобарас, герой Сэбиэскэй суруйааччылар биһирэмнээх геройдара холобур быһыытынан ааттаналлар. “К”. Эдэр көлүөнэ [Эрилик Эристиин] айбыт биһирэмнээх геройдарын үтүө холобурдарын батыһар, эдэр Манасовтар кэккэлэрэ үүнэр. ТНН ЭЭ
Нууччалыы Положительный герой (образ)