Перевод с якутского
баачы
аат тыл
Нууччалыы широкий пояс для спины и низа живота (обычно из беличьей, заячьей шкуры или ваты); набрюшник
аат тыл
, эргэр. Киһи иһин түгэҕин уонна сиһин эринэ баанар кэтит ичигэс кур (куобах тииҥ тириитинэн эбэтэр баатанан сириллибит)
Нууччалыы Широкий пояс для спины и низа живота (обычно из беличьей, заячьей шкуры или ваты); набрюшник
Дьогдьуура суох сулумах сону кэппит саха киһи баачы таҥаһын курдук ыллар харыс хара курдаах эбит. Саха сэһ. II. Тас баачытын өһүлэн ылан, [Василий Макарович] сабараанньа үрдүн диэки кыыратта. А. Сыромятникова Мин тииҥ сээнньикпин, тииҥ уорҕатынан аттарыллыбыт сиспин баанар баачыбын көрдөртөөтүм Н. Абыйчанин