ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

эмэһэ

аат тыл

Нууччалыы задняя часть тела человека ниже спины, задница, зад; задняя часть туловища у животных

Ис хоһооно · 5

1 аат тыл #

Киһи олорор көп этэ; сүөһү, кыыл кутуругун төрдүн тулатынааҕы сымнаҕас, көп этэ

Нууччалыы Задняя часть тела человека ниже спины, задница, зад; задняя часть туловища у животных

  • Эмэһэлэрэ ибили таһыллыбыт, кыайан олорбот буолбут бааһынайдары кытта миигин олордон кэбистилэр.
    П. Ойуунускай
  • Уу чоккурас буолбут тыбыс-тымныы эттээх уолун ыга кууһан көтөҕөн ылла уонна хаста да эмэһэҕэ охсуолаамахтаата.
    Н. Лугинов
  • [Эһэ] кэлэн тиити өрө сулаамахтаан көрдө да, Түргэн [ыт аата] биир кэм түһэ турар буолан, тахсыбата. Инньэ гынан, эһэ эмэһэтин тиит төрдүгэр анньан баран олордо.
    Суорун Омоллоон
Өссө холобурдар (1)
  • Кини [Сунтаар быһыйа Кырылыап] куобаҕы саата суох ситэн ылан эмэһэҕэ дэлби тэбэн өлөрөрө үһү
    ВНЕ НЭНь

2 аат тыл #

Туох эмэ кэтит түгэҕэ, олоҕо, тэллэҕэ

Нууччалыы Расширяющееся, раздающееся к низу основание, нижняя часть чего-л. (напр., о кочке)

  • Бугулуҥ эмэһэтин үчүгэйдик харбаа.
  • [Оҕо хотой] силлиэлиин-холоруктуун сир ийэ үрдүгэр сипсийэн [түспүтүгэр] -- эт эттиирдэрэ эмэһэтинэн лигийэн эккирээтэ.
    Эрилик Эристиин
  • "Сылгы" диэн улахан, нэлээ күөллэр кытыыларыгар лэбин от олохторо (төгүрүк, кыра) намыһах, кэтит эмэһэлээх дулҕалар үөскээбиттэрин ааттыыллар
    ХС

3 аат тыл #

Сорох тыллары кытта ситимнэстэҕинэ, үөхсүү суолтатын ылынар

Нууччалыы В сочетании с некоторыми словами приобретает бранное значение

  • Кэлтэгэй эмэһэ. ПЭК СЯЯ. Эн, бадаҕа, ити аптаныамыйа амньыыстыйатын итэҕэйэн, киирэн биэрээри, эмэһэ сирэйдэнэн олороҕун быһыылаах.
    Суорун Омоллоон
  • Ээ, күл эмэһэ, бэҕэһээҥҥи саах үөнэ, хаһан ол мин баттаан-атаҕастаан олорбуппун көрдүҥ?
    Күндэ

4 этии #

Нууччалыы С трудом, неохотно, но всё же приниматься за что-л., идти на что-л. (букв. оторви свой тяжёлый зад) [Күкүр Уус:] Тукаам, Бииктэр, эйиэхэ бараары гыммытым, сүбэлэтэ. [Бииктэр:] Ол туох буолан ыар эмэһэҕин хоҥнордуҥ, улуу Уус улуутуйан олорумунаҕын

Этиилэр

Бөрө эмэһэтэ көр бөрө

  • Ол туһунан Балаайа эмээхсиҥҥэ, бөрө эмэһэтигэр, кэпсээмэ.
  • Ээ, бөрө эмэһэтэ, күөртэҥнээмэ!
    ПЭК СЯЯ

Муҥур эмэһэтинэн буору хаһар көр муҥур I

  • Муҥур эмэһэҕинэн Буору хаһан Муҥутуу олордоххуна -- Түөкүн Манчаары Кэлэн барыбытын Кэнэҕэс кэпсээн оҥостоор!
    Эрилик Эристиин

Ыарахан (ыар) эмэһэҕин хоҥнор

ыарырҕаатаргын, сүрэҕэлдьээтэргин даҕаны, син туран бар, тугу эмэ гын Суорун Омоллоон.

Ыарахан (ыар) эмэһэлээх

онно-манна барарын-кэлэрин наһаа ыарырҕатар, сүрэҕэлдьиир.

соотв. тяжёл на подъём (букв. у него тяжёлый зад).

  • От кэбиһиитигэр аара баран иһэн Бүөтүргүтүн ылан бардаргыт абыраныа этигит да, ол киһигит ыарахан эмэһэлээх, хайыыра буолла. "Кыым". Эбиитин эмэһэҕэ тэп кэпс. – куһаҕан үөһэ өссө куһаҕаны оҥор. Добить уже побеждённого; обидеть обиженного (букв. вдобавок в задницу пнуть). Ити кэнниттэн эбиитин эмэһэҕэ тэп диэбиккэ дылы, Тоҕус толугурдаах торбоһун Ньоҕоҕун, дьэбэрэтин Тобугун хараҕар диэри кэспит Дьахтар киһи чанчарыга Дьаардаах хотонуттан Тахсан кэллэ.
    Саха фольк
  • Сөбүн мөхпүттэрэ. Эбиитин эмэһэҕэ тэбэн, аны быыгабар биэрбиттэр үһү. НАГ ЯРФС II. Эмэһэ быһаҕас кэпс. – киэбирэн киһиргиир киһи. Чванливый хвастун. Ол киһи, эмэһэ быһаҕас, кэпсээнэ диэн. НАГ ЯРФС II. Эмэһэҕэ тэбилин кэпс. – хантан эмэ куотарга, суох буола охсорго күһэлин, үүрүлүн. соотв. коленом под зад (получить). Томскайга тиийбиппит кэннэ, аҕыйах хонон баран, эсердэр бырабыыталыстыбалара – "Директория" – эмэһэҕэ тэбиллибитэ.
    П. Ойуунускай
Өссө холобурдар (1)
  • Эмэһэлиин көҥдөй кэпс., күл. -ооннь. – уһаат иһигэр саҥарар курдук улахан, дуорааннаах, сөҥ куоластаах (ордук оҕону күлэн этэргэ). Обладающий громким звучным голосом (обычно о детях – букв. у него зад полый). Кыратын көрүмэ, эмэһэлиин көҥдөй. НАГ ЯРФС II. Эмэһэтигэр бүк киирдэ кэпс. – тугу гыныан билбэт гына олус куттанна, дьулайда. Перепугаться, перетрусить; не знать куда деваться от страха. Эмэһэтигэр муус купчуур киирбит элэк. – тугу гыныаххын билбэккэ, кыһалҕа кыһарыйан эрэ көдьүүһэ суох түбүгүрэн таҕыс. Суетиться, не знать, за что браться, будучи подгоняемым большой нуждой (букв. в его задницу воткнут ледяной купчуур). чох кыбыллыбыт – көр кыбылын. Эмэһэтин кирсэ быстыбыт кэпс. – бэйэтин туруору күүһүнэн киһиргиир. Хвастаться своей физической силой (букв. у него порвалась кольцеобразная мышца вокруг заднего прохода). Эмэһэтин тыаһыттан үргэр кэпс. – кыраттан да тымтар, өһүргэнэр. Оскорбляться, сильно обижаться на кого-л. из-за всякого пустяка (букв. пугается звука собственной задницы). Эмэһэтинэн ылла кэпс. – кими эмэ дьиҥ тулуурунан, дьүккүөрүнэн, өсөһүнэн кыайда (хол., дуобат, саахымат оонньуутугар). Добиваться чего-л. (напр., победы в чём-л.) исключительно своим упорством, терпением, усердием (букв. брать задницей). Тэҥ баайыылаах саахыматчыттар этэ. Бүгүн баҕас эмэһэтинэн ылла. НАГ ЯРФС II.

Эмэһэтиттэн кумах тохтор

бэйэтин үтүөтүн хайҕаа да хайҕаа буолар; киэптээн, киэбирэн киһиргиир.

Хвастливо говорить о своих достоинствах; самодовольно и кичливо хвастаться, бахвалиться (букв. с задницы его песок сыплется).

  • Эмэһэтэ да билбэтэ кэпс. – туох эмэ буолбутун төрүт билбэккэ да, сэрэйбэккэ да хаалла. соотв. ни сном, ни духом (букв. даже задница не почуяла). Хоноһолор кэлбиттэрин эмэһэтэ да билбэккэ утуйа сытта. НАГ ЯРФС II

5 этии #

Нууччалыы Деревянная часть ружья, к которой прикрепляется ствол, ложа ружья

Этиилэр

Саа эмэһэтэ

саа уоһа холбонор мас чааһа Тиэтэйэ-саарайа, саатын эмэһэтин өһүлэн баран, тимирин орон анныгар уурар.

  • (Саатын эмэһэтин олордор). Чэ, бэлэм. Бу баҕайы аны уот биэрбэтэ дуу? Суорун Омоллоон

«Э» буукуба