ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

балай эмэ

этии

Нууччалыы довольно, достаточно (о мере чего-л

1 #

холб

  • Киэһэ уон чаас саҕана уу быһыт айаҕар таһыма балай эмэ үрдээтэ.
    М. Доҕордуурап
  • Сыма, сымалааһын Бүлүү эҥээригэр эрэ буолбакка, Саха сирин атын да оройуоннарыгар балай эмэ киэҥник тарҕана сылдьыбытын топонимика чахчылара эмиэ көрдөрөллөр. Багдарыын Сүлбэ. Балаҕаннара даҕаны Балай эмэ улахан, Олбуордара - үс мастаах, Остуолбалаах сүнньүөх ааннаах.
    Күннүк Уурастыырап
  • Сир балай эмэ сиигирбит, кытахтар ууламмыттар
    Болот Боотур

2 #

Арыый көбүччү, балачча (туох эмэ кээмэйин туһунан)

Нууччалыы Довольно, достаточно (о мере чего-л.)

3 #

Балачча өр, өр соҕус (бириэмэ туһунан)

Нууччалыы Довольно долго (о времени)

  • Балай эмэ тыа устун барбахтаан иһэн, арай уот буруолуу сытар сиригэр тиийбит.
    Н. Неустроев
  • [Быргый] туутун айаҕар кэлэн балай эмэ ууну булкуйбахтаан баран, туутун таһаарда.
    Күндэ
  • Балай эмэ хамсаабакка турбут биһик, кыһыл уол уһуннук татакаламмытыгар, бэйэтэ эйэҥнии түстэ.
    У. Нуолур
Өссө холобурдар (1)
  • Тэҥн.: балайда, балай эрэ

«Б» буукуба