ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

балай эрэ

этии

Нууччалыы достаточно, в значительной степени (о мере чего-л

1 #

холб

  • Кини оскуоланы сууттан уонна нэһилиэнньэттэн быһа кэпсэтэн ылан, бэйэтигэр балай эрэ барсы хаалларар гына былааннаан үлэлээтэ. Бэс Дьарааһын. Киһи Бүлүү уутун балай эрэ испэхтээн баран, катер инники түннүгүнэн күөрэс гына түспүтүн бэйэтэ да билбэккэ хаалбыт.
    Суорун Омоллоон
  • Астаах киһи аһыах эбит. Күрээбит сирбиттэн балай эрэ ыраах кэллим быһыылаах
    Т. Сметанин

2 #

Арыый элбэхтик, үгүөрү соҕустук (туох эмэ кээмэйин туһунан)

Нууччалыы Достаточно, в значительной степени (о мере чего-л.)

3 #

Балачча уһуннук, өр соҕустук (бириэмэ туһунан)

Нууччалыы Достаточно долго, довольно долго (о времени)

  • Аан аһыллан баран балай эрэ тэлэллэн турда.
    Эрилик Эристиин
  • [Чүөчээски] балай эрэ сиэлэн, сүүрэн баран, уҥа быһыытыйан, тохтуу биэрдэ.
    Суорун Омоллоон
  • Мин иһэр күүспэр тартаран, бөрөнү балай эрэ соспохтоон иһэн оҕуттум.
    Т. Сметанин
Өссө холобурдар (1)
  • Тэҥн. балайда, балай эмэ

«Б» буукуба