Перевод с якутского
балах
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы что-л. запачканное, замазанное, загрязненное
1 аат тыл #
Туох эмэ харааран киртийбитэ, дьабаҕырбыта (хол., кумааҕы)
Нууччалыы Что-л. запачканное, замазанное, загрязненное (напр., бумага)
Гавриил кэргэниттэн Марияттан сурук туппуттааҕа. Хара балах буолбут, сорох сиринэн чэрэниилэтэ силбэспит суругу сибилигин даҕаны сиэбигэр укта сылдьар А. Данилов
2 даҕааһын #
суолт. Хойдон хараҥаран көстөр
Нууччалыы Темный, близкий по цвету к черному
Хара балах былытынан Хаххалаата халлаан күнүн. Хардырҕас хаар хаһыҥынан Хампарытта сир-уот күөҕүн. Ф. Софронов Баай хара тыата Бараммат буолан барда, Балах ньоҕой Маардар баҕайылар Баар буолуталаатылар. П. Тобуруокап Тэҥн. балахай