ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

балта

аат тыл

Нууччалыы большой кузнечный молот

English hammer

I

1 аат тыл #

Уус уһанар улахан өтүйэтэ

Нууччалыы Большой кузнечный молот

  • Сыр-сыр тыастаах сүгэ балта баар үһү (тааб.: хатат, чокуур икки). Кырдьаҕас уус уһанар дьиэтин иһигэр сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри быыстала суох балта тыаһа чыҥыйан иһиллэр.
    Д. Таас
  • Петр илиитигэр балталаах. Кини балтатын өрө далайаат, тапталлыахтаах сиринэн охсон бытарытар. Кыстык тула кыымнар ыһылла түһэллэр.
    АС

2 аат тыл #

Охсор күүс

Нууччалыы Ударная сила чего-л

  • Улуус-нэһилиэк ревкомнара үлэһит-хамначчыт кылаас тэҥи былдьаһар, көҥүлү тутуһар эргэ олоҕу хампы охсор улуу балтата, уоттаах модун чомпо сүллүгэс этилэр.
    П. Ойуунускай
  • Хаһан да баттаммат кырдьыкпын хаайтаран турбакка этэрбэр Улуу уус балтата тылларбын уоскуйан ылбакка тамныыбын. Чэчир-76. Ср. тюрк. балта ‘топор’
II

3 аат тыл #

Киһи, сүөһү үөһээ уонна аллараа сыҥаахтарын кэлин өттүгэр баар биэстии төрүт тиистэриттэн биирдэстэрэ

Нууччалыы Коренной зуб

  • Кэрбээччилэр тиистэрэ кэрбиир тиис, аһыы уонна балта диэннэргэ арахсаллар. ББЕ З. Эдэр ынаҕы аллараа сыҥааҕынааҕы тииһиир тииһэ солбуллубутунан, арыый кырдьаҕас ынаҕы балталара солбуллубут ньуурун көрүҥүнэн быһаараллар. ДЬСИи. [Күөл отун] кээмэйэ араас, хайдах эрэ балта тииһи маарынныыр, икки ачаахтаах, сырдык өҥнөөх
    Г. Угаров

«Б» буукуба