ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

банаар

аат тыл

Нууччалыы осветительный прибор с лампой, фонарь

1 аат тыл #

Баҕанаҕа, остуолбаҕа ыйанар биитэр тута сылдьарга аналлаах, өстүөкүлэ нөҥүө сырдата тыгар тэрил (иһигэр лаампалаах)

Нууччалыы Осветительный прибор с лампой, фонарь

  • Кыраһыынынан умайар банаар, муоста кэрдииһин ааҕан эрэрдии, тунаарыйар сырдыгын түһэрдэ.
    М. Доҕордуурап
  • Кини [Половцев] “Тирии кынат” диэн банаары уматта да, үрдүнэн сонунан бүрүйдэ.
    М. Шолохов
  • Бу банаар - электрическэй лаампа дии.
    Н. Габышев
Өссө холобурдар (1)
  • Уу урсун күөнүгэр дьиримнээн, [Борохуот] Түннүгэ, банаара сырдаата
    С. Васильев

2 аат тыл #

поэт. Инникини сырдатар маяк

Нууччалыы Маяк, освещающий будущее. [Илья кинигэлэригэр] Байҕалтан дириҥ, халлаантан үрдүк, Барҕа санаа, өркөн өй манна баар

  • Манна баар: күнтэн сырдык, көмүстэн күндү Дьолу дьоллуур уоттаах банаар.
    Л. Попов
  • Арахсар чааспар анааран Аны биирдэ көрө түһүүм: Аан дойдум сырдык банаара - Аар-ытык Москвам дьүһүнүн
    Эллэй

«Б» буукуба