ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

хармаан

аат тыл

Нууччалыы средства к существованию, доходы и расходы, бюджет

1 аат тыл #

Ким эмэ (соҕотох киһи, ыал, тэрилтэ эбэтэр судаарыстыба) үбэ-харчыта

Нууччалыы Средства к существованию, доходы и расходы, бюджет (отдельного лица, предприятия или государства)

  • сиэп диэн курдук. Онно Хайа харчылаах, Ол урут Хармаанын хаһан, Харчытын таһааран, Төһө баарын төлүүр.
    А. Софронов
  • Сөмөлүөт билиэтин хайа сахха хармааммар укта сылдьабын.
    И. Гоголев
  • [Көстөкүүн] икки сунньүөх буулдьаны ботуруон хаатыттан ылан уҥа хармааныгар угунна. Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (2)
  • Ханна да сылдьан кэллин, кэһиитин сүгэ-көтөҕө сылдьара, оччотооҕу биһиги чараас хармааммытыттан кэмчилээбит буолара.
    Д. Дыдаев
  • Иккиэн биэнсийэлээхпит, бэйэм чааһынай урбаанньыппын, үлэлиибин. Онон оҥорор өҥөбүт барыта бэйэбит хармааммытыттан барар үппүт-харчыбыт буолар
    Кыым

2 этии #

Нууччалыы соотв. набивать карман

Этиилэр

Хармаанын тэбээтэ

сиэбин тэбээтэ диэн курдук (көр сиэп).

  • Бу кыыс куоракка сотору-сотору киирэн-тахсан хармаанын тэбээтэ. Хармаанын хаҥатар кэпс. – баайданар-дуолланар, кыаҕырар Ол оонньууттан [ат сүүрдүүтүттэн] ким эмэ барыстаныа, хараҥа ньыманан хармаанын хаҥатыныа суохтаах.
    И. Федосеев
  • Мин, эн хармааҥҥын хаҥатаары, икки төгүл өлө сыстым.
    Н. Павлов
Өссө холобурдар (1)
  • Бу нэһилиэктэртэн сүүһүнэн сүөһүнэн, уонунан сыарҕа эти-арыыны тоҕо сүүрдэн, куду куйуурдаан киллэрэннэр куорат атыыһыттарын хармааннарын хаҥаталлар.
    ХС

Хармааҥҥа оҕус (охсор) көр оҕус I

  • Арыгы испит киһи үлэтин күнэ сотуллара, разряда намтыыра. Ол барыта хармааҥҥа охсоро. БГП ДьТ-СК

3 этии #

Нууччалыы Фонарь для ношения в кармане

Этиилэр

Хармаан банаара

сиэпкэ батар кээмэйдээх, дьоҕус банаар Хармаан банаарын лаампатын ботуруона сороҕор олус киэҥ буолааччы.

  • ДьХ.

Хармаан харчыта

аҕыйах, күннээҕи туттар харчы.

Деньги на мелкие расходы, карманные деньги.

  • Хармаан харчытын Хастыы халаата да, Хара түөкүн Халаара турда. Күн Дьирибинэ.

Хармаан чаһыта

сиэпкэ укта сылдьарга аналлаах.

Часы для ношения в часовом кармане жилета, брюк, карманные часы.

  • Бу "омега" диэн хармаан чаһыта эбит. Н. Якутскай

«Х» буукуба