ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

бары

туоһулааччы, солбуйар аат, даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы указывает на совокупность предметов, явлений и на полноту охвата чего-л.

English all

Ис хоһооно · 6

1 аат тыл #

хомуур солб. аат. Предметтэр холбуу ылыллыбыттарын түмэн көрдөрөр тыл

Нууччалыы Указывает на совокупность предметов, явлений и на полноту охвата чего-л. (всего, весь)

  • Оол иһирик ойуурдарга көтөр кынаттаах араас бииһин ууһа: курупааскылар, эрдэҕэс улардар, уһуутуур улуннар, куоҕалдьыһар кубалар, куйбалдьыйар хоптолор - бары мустубуттар.
    Амма Аччыгыйа
  • “Дорооболоруҥ, ыалдьыттар”, - диэн кини барыларын кытта дорооболостор даҕаны, кыыс диэки супту хаамта. Софр. Данилов. Барытын өйдүүбүн: Сайыны, сайылыгы, Лыахтыын сырсар сырыыны, Өҥ сайын куйааһын, Көлүйэҕэ сөтүөлүүрү
    Баал Хабырыыс

2 даҕааһын #

суолт. Бүтүннүүтүн хабар

Нууччалыы Охватывающий всего, целиком

  • Саха алмааһа Сэбиэскэй Союз уонна бары социалистическай дойдулар наадаларын толорор.
    И. Данилов
  • Дьон аймах сүрэҕин төлөнө Сулустаах эн знамяҥ кылбайан, Бары сир үрдүнэн көһүннэ, Мин улуу хомуньуус баартыйам!
    Эллэй

3 аат тыл #

суолт. Туох баара бүтүннүүтэ

Нууччалыы То, что имеется, есть, наличное; все

  • “Ээй, Нида, ити биһиги көрбүт кыталыктарбыт үҥкүүлэрэ дуо?”- диэн кыланным барыны умнан.
    ХС
  • Массыына күүһэ барытын кыайар.
    П. Филиппов
  • Оччотооҕуга барыбыт санаатын эргийэр киинэ - сэрии, фронт этэ. Софр
    Данилов

4 этии #

Бары барыта - сэнээн, атаҕастаан этии Бары барыта тойон-хотун буоллаҕай. Бары барыта сэттээх-сэлээннээх буолан истэҕэй. Бары барыта нөҥүөһүлээх, түгэхтээх буолан истэҕэй. “ХС”. Тэҥн. иттэ барыта

Нууччалыы Унижающие, оскорбляющие чье-л. достоинство слова; всякая всячина

5 этии #

Нууччалыы Все то, что касается кого-чего-л

  • Бары барыта - туохха, кимиэхэ эмэ сыһыаннаах бүтүннүүтэ Лаампа дьиримниир долгунугар күн кыһыл көмүс кыырпаҕын кутар. Бары барыта күлэр-үөрэр, күлүмнүүр.
    М. Доҕордуурап
  • Биһиги иннибитигэр бары барыта үчүгэйдик көстөр.
    Т. Сметанин
  • Бары барыта кыһалҕаттан, үөрүйэхтэн, өйтөн-санааттан төрүттээх.
    И. Данилов
Өссө холобурдар (9)
  • Техниканы баһылаатахха ас-үөл, таҥас-сап, бары-барыта дэлэйиэ.
    С. Ефремов
  • Бары бүттүүн - барытын хабар. Θ Всеобщий. Сэбиэскэй командование бары бүттүүн капитуляцияны модьуйар этиитин төлөрүппэт.
    А. Данилов
  • Барыга барытыгар - кимиэхэ, туохха эмэ сыһыаннаахха бүтүннүүтүгэр. Θ Относящийся ко всему (сказанному). Барыга барытыгар дьахтар киһи намчы илиитэ биллэр: ыраас, тупсаҕай, ис киирбэх. Оһуор, куруһуба. Софр. Данилов. Бачча дэлэйтэн маппакка, Барыга бары кыттарга, - Экскурсиялаан эҥиннээн Риганан да, Таллинынан Эргийэргэ быһаардылар.
    Күннүк Уурастыырап
  • Барыны барытын - туох баары бүтүннүүтүн. Θ Охватывая все подряд, без остатка. Биһиги учууталларбыт этэллэринэн, киһи билбэтэ диэн туох да суох буолуохтаах, киһи барыны барытын билиэх тустаах.
    Суорун Омоллоон
  • Кини барыны бары кэрэхсиирэ: ааспыты, аныгыны, инники кэскили.
    И. Данилов
  • Барытын бары - биири да ордорбокко, ымпыгар-чымпыгар тиийэ. Θ Все и вся, до мелочей. Лааһар хайыы-үйэ барытын бары бэлэмнээбит, оҥорбут, атын тутан аҕалан баайбыт, ыҥыырдаабыт этэ.
    Далан
  • Кини Лаана сөхпүт хараҕар барытынан бары дьонтон ордук ураты киһи буолан көстүбүтэ.
    Н. Лугинов
  • Бука бары - биир да орпокко, барылара аахтара. Θ Все до единого. Уу иһинээҕи оттор бука барылара муус оҕуруо кыаһааннанан талбааран тураллар эбит.
    П. Ойуунускай
  • Уота, үөрбүт курдук, уруккутунааҕар ордук күүскэ чачыгыраан умайда, дьиэ иһинээҕи дьон бука барылара сирэйдэрэ-харахтара сүрдээхтик сэргэхсийдэ. А. Софронов

6 #

- даҕааһын күүһүрдэр эбиискэтэ, ба- диэн саҕаланар олохторго сыстар: бары-баһыгыр, бары-баллаҕар, бары-балтаҕар

Нууччалыы Препозитивная усилительная частица прилагательного, присоединяемая к основам, начинающимся со слога ба-: бары бакыгыр “сильно согнутый”, бары-баллаҕар “сильно толстый, раздутый”, бары-балтаҕар “очень широкий, расширившийся”

  • Кини бары-бакыгыр атахтарын үмүрүччү үктэтэлээн кэлэн, уонча саһаан сиргэ тохтоон, төбөтүн сиргэ ууран, өр баҕайы хаптайан сытта.
    Болот Боотур
  • Саҥа эт тутан эрэ бары-баллаҕар уостаах оҕо олорор этэ. Аа НА СТОТ. [Хаатыҥкалартан] харата бары-балтаҕар кэтит бастаах, оһо да, төбөтө да тэҥ таҥас”!
    Амма Аччыгыйа

«Б» буукуба