Перевод с якутского
бүтүн
даҕааһын, туоһулааччы, аат тыл
Нууччалыы целый
English whole, entire
Ис хоһооно · 5
1 даҕааһын #
Нууччалыы целый
English whole, entire
бүтүн киһи буолбут стал цельным человекомs/he became a whole person
2 даҕааһын #
Туга да көҕүрээбэтэх, ситэри кээмэйдээх, барыта баар
Нууччалыы Целый, весь
Бүтүн оройуон. Бүтүн үйэ. Бүтүн өрөспүүбүлүкэ. Бүтүн ый. Бүтүн аҕа ууһа. Кыһыллар үрдүлэригэр бүтүн стрелковай батальон уонна офицерскай рота түүннэри-күнүстэри сэллээбэт саа-пулемет буулдьатын ардаҕын түһэрэллэр. Амма Аччыгыйа Саха сирин алмааһа бүтүн Сэбиэскэй Сойуус уонна бары социалистическай дойдулар наадыйыыларын толорор. И. Данилов
Өссө холобурдар (1)
Үйэлэргэ иччитэх турбут түҥ тыа ортотугар бүтүн куорат тутуллара сүрдээх суол дии!
Н. Лугинов
3 даҕааһын #
Тыытыллыбатах, алдьамматах, бэйэтэ бэйэтинэн сылдьар
Нууччалыы Целый, неповрежденный
Оо, абакка! Бүтүн атахтаах-илиилээх буолан баран, үөннэри [фашистары] үчүгэй аҕайдык ныһыйан биэрбит киһи. С. Никифоров Алта-сэттэ хос үрүттээх биир бүтүн соҕус хаалбыт землянкаҕа киирдим. Т. Сметанин Суордар сиэним оҕо туһахтарын тыыппаттар, тумна көтөллөр. Кини эрэ бүтүн куобахтары аҕалар И. Федосеев
Өссө холобурдар (3)
Алдьархай аҕыйаҕына, Эрэй элбии илигинэ, Эт-тирии бүтүн эрдэҕинэ - Эйэнэн кэпсэтиэххэ.
П. Ойуунускай[Манчаары - Бакыыһаҕа:] Иэниҥ тириитэ бүтүн эрдэҕинэ, этиҥ-хааныҥ эймэнэ илигинэ, эрэх-хоһу элбии илигинэ, үбүнэн-аһынан өйүөлээ. Эрилик Эристиин Тоҕо кэллиҥ, чолоҕоор?! Дууһаҥ бүтүн эрдэҕинэ, Дойдулуу тур, чугу-чугучу, Чурум-Чурум-Чурумчуку! Эллэй. Тюрк. бүтүн, бүтин, бөтөн, пүтүн
4 аат тыл #
суолт. Туох эмэ тыытыллыбатаҕа, алдьамматаҕа, бүтүн хаалбыта
Нууччалыы Неповрежденность, цельность чего-л
5 этии #
Бүтүн миэстэтэ суох көр бүттэтэ суох