ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кэлим

даҕааһын

Нууччалыы целый; цельный

English whole, entire, integral; whole, integral

Ис хоһооно · 5

1 даҕааһын #

Нууччалыы целый; цельный

English whole, entire, integral; whole, integral

  • улахан кэлим муус
    большая цельная льдинаa large solid ice floe

2 даҕааһын #

даҕ

  • Тимир рудатыгар - кэлим ыар тааска - ыраас тимирэ олус элбэх дииллэр.
    ХС
  • Талгы хайатын аннынан, хоннох бүккэ кэлим мууһу илдьэн туорайдатан кэбиһэрин кытта, харыы буолбутунан барар.
    Р. Кулаковскай
  • Халлаантан биэс уон киилэ ыйааһыннаах кэлим көһөҥө муус тыаһаан-ууһаан түспүтэ
    ДьДьДь
Өссө холобурдар (4)
  • Арахсыбат, быстыгаһа суох, биир күдьүс. Θ Цельный, сплошной, целостный. Икки кэлим сиргэ икки суол хаппыыста үүнэн логлоруһан турар сиригэр биһиги тиийэн кэллибит.
    Амма Аччыгыйа
  • Уҥуоргу тыалар, сыыйа тарпыт курдук, биир кэлим кэрэлэһэн, күн тумарыгы саба тардыммыттар.
    А. Федоров
  • Сири-сибиири сөҕүмэр халыҥ, кэлим хаар ыга түһэн кэбиспитэ.
    В. Яковлев
  • Биир кэлим курас хонуу куйаар
    С. Федотов

3 даҕааһын #

Бөдөҥ, көһөҥөтүҥү быһыылаах

Нууччалыы Массивный, громоздкий

4 даҕааһын #

Бэйэ бэйэтин ситэрсэн биэрэр, ситэри, толору

Нууччалыы Полностью укомплектованный; полный, исчерпывающий, цельный

  • Оттуур кэлим механизациялаах сибэниэ сирин-уотун кыһамньылаахтык көрүнэр. Ходуһа х. Улахан болҕомто электростанциялары биир кэлим оҥорууга туһаайыллыахтаах. "Ленин с. " Общественнай бэрээдэги көрүүгэ кэлим былааннар ылыллаллар. ПАК ЧО
    С. Ср
  • др. -тюрк. тэлим ‘много; значительно, очень’; хак. килким ‘глыба; большой’

5 этии #

Нууччалыы Цельный лист (напр., березы, осины)

  • Кэлим сэбирдэх - бүүрүгэ көнө эбэтэр бэрт кыра кэрдиистэрдээх сэбирдэх (хол., хатыҥ, тэтиҥ сэбирдэҕэ) Сибэкки ойуулаах былаата, таҥаһа-саба куруук ып-ыраас буолаллара, хаамтаҕына хатыҥ кэлим сэбирдэхтэринии суугунуурга дылылара.
    И. Гоголев
  • Кэлим, кэтит сэбирдэхтэр силигирии сипсиһэллэр.
    Баал Хабырыыс
  • Бу иһэн хойуу кэлим сэбирдэхтээх лаглаҕар хатыҥ биир лабаатын таарыйбытыгар, саҕатыгар тымныы таммахтар биллэ түстүлэр. Л. Габышев

«К» буукуба