Перевод с якутского
бастыҥ
даҕааһын, аат тыл
Нууччалыы очень
English very, much
Ис хоһооно · 6
1 даҕааһын #
1 даҕ
Көмүс бөҕөнү көтөхтөрүөм этэ, күөх далайым бастыҥ балыктарын туутугар туһаайыам этэ, куйууругар кутуом этэ.
П. ОйуунускайА. Абаҕыыныскай саха сэбиэскэй литературатыгар актыыбынайдык үлэлээтэ. Кини бастыҥ айымньылара ааҕааччыларга биһирэттилэр. Софр. Данилов. Бастыҥ чороону ылан, бэйэтин диэки иҥнэри тутан илиитин иһинэн үс төгүл уокка кутан биэрэр Саха фольк Дьүһүннээх бастыҥа, нарын үтүөтэ, кыыс оҕо дьахтар, хаастара сыыйыллан, имнэрэ тэтэрэн тураахтыыр эбит.
П. Ойуунускай
Өссө холобурдар (2)
“Огонектуур” сурунаал Ойууларын бастыҥын Ойо быһан ыланнар, Оҕолорго ыһаллар. Күннүк Уурастыырап Оксана көстөр дьүһүннүүн, быһыылыын-майгылыын бу дэриэбинэ кыргыттарын биир бастыҥнара этэ
Суорун Омоллоон
2 даҕааһын #
Хайа эмэ өттүнэн атыттардааҕар быдан ордук, барыларыттан ордук үчүгэй (хаачыстыба, көстүү уо. д. а. туһунан)
Нууччалыы Лучший, самый лучший, первосортный
3 даҕааһын #
Инники күөҥҥэ сылдьар, бастаан иһэр (үлэнэн-хамнаһынан, туохха эмэ ситиһиинэн)
Нууччалыы Передовой, находящийся впереди всех (напр., по уровню развития, достижений в чем-л.)
Саха норуотун -- бастыҥ талааннаах ырыаһыта, саха суруйааччыларын тапталлаах убайдара уонна иитээччилэрэ Платон Алексеевич Ойуунускай үтүөкэннээх киһи этэ. Амма Аччыгыйа Настя “Арктика” сопхуос биир бастыҥ булчута буолбута. Н. Якутскай Икки дьиэни холкуос бастыҥ үлэһиттэригэр Иван Михайловка уонна суотчут Павел Поповка бырабылыанньа уурааҕынан анааннар, көһөн киирдилэр М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (1)
Бастыҥнартан үөрэнэммин Бачча кэллим дэнэбин Күннүк Уурастыырап
4 аат тыл #
Хайа эмэ өттүнэн атыттартан таһыччы ордуга (тард. ф-гар)
Нууччалыы Выдающееся отличие от других по каким-л. лучшим качествам
5 аат тыл #
Инники күөҥҥэ сылдьааччылар, бастаан иһээччилэр (хол., үлэҕэ-хамнаска уо. д. а. - э. ахс. ф-гар)
Нууччалыы Передовики (производства и др.)
6 этии #
Нууччалыы Одна из правых, угловых нар, напротив камелька, расположенная между крайними и средними нарами, предназначенная для почетных гостей
Бастыҥ орон - бастыҥ ыалдьыкка, хоноһоҕо анаммыт, көмүлүөк оһоххо утары биллэрик уонна орто ороннор икки ардыларыгар турар муннук диэки уҥа орон Сабырыкыны түгэх дьиэҕэ аһаран, хагдаҥ эһэ тириитэ олбохтоон, бастыҥ ороҥҥо олортулар. Күннүк Уурастыырап Игнатий Ханчыыһын бастыҥ ороҥҥо өттүгэстии түһэн олорор. М. Доҕордуурап Маҥан сылгы тириитин бастыҥ оронугар тэлгээбит. Саха фольк