ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

бастакы

даҕааһын, ахсаан

Нууччалыы первый

English first

Ис хоһооно · 6

1 даҕааһын #

даҕ

2 даҕааһын #

Инники сылдьар, атыттар иннилэригэр баар

Нууччалыы Находящийся впереди других, передовой, головной

  • маҥнайгы диэн курдук. Икки сыл буолан баран бастакы кылааһы бастыҥынан бүтэрэргэ кыыс тылын биэрбит.
    Амма Аччыгыйа
  • Ол билигин саҥа анаммыт учууталлара кыайан кэлбэккэ, үөрэнэ иликтэр. “Алтынньы бастакы күнүгэр кэлэр үһү, аны сэттэ хонук хаалла”, - диэн ааҕа сылдьаллар.
    Суорун Омоллоон
  • Атырдьах ыйын бастакы күннэригэр кулууп хара муостата оҥоһуллан, үрдэ сабыллан, даҥа ыһыллан, хоруобуйатын саайыыга киирдилэр. М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (3)
  • Уйбаан оҕонньор Тогойкинныын бастакы сыарҕаҕа олороннор, үрүйэни өрө сыыйан, сис оройугар дьоннорун кытта бииргэ тахсыһан бараннар улам куоттар-куота турдулар.
    Амма Аччыгыйа
  • Бастакы аттаахтар Лоҥкууданы өҥөс гына түспүттэригэр -- ыарҕа толоон кутаа уотунан кытыаста олороро көһүннэ.
    М. Доҕордуурап
  • Алта уон биирис гвардейскай дивизия бастакы эшелоҥҥа кимэн киирэрэ. “
    ХС

3 даҕааһын #

Олох эрдэтээҕи, маҥнайгы

Нууччалыы Первоначальный, самый ранний

  • Архыып Абаҕыыныскай - саха сэбиэскэй суруйааччыларын бастакы көлүөнэлэрин бэрэстэбиитэлэ. Софр. Данилов. Аан дойдуга бастакы паарынан барар массыына аатырар Темзаҕа айыллыбыта.
    П. Филиппов
  • Дьокуускайга учууталлар идэлэрин үрдэтэр институт, оскуола туһунан саҥа сокуону олоххо киллэрии бастакы опыттарын түмэн кинигэ бэлэмниир үһү. “
    ХС

4 даҕааһын #

Хайа эмэ өттүнэн атыттартан ордук, үрдүктүк сыаналанар

Нууччалыы Лучший из всех других в каком-л. отношении, отличный

  • Урукку сөмөлүөт түһэр сирэ бастакы кылаастаах бетон суоллаах бөдөҥ аэропорт буолбут
    И. Данилов

5 даҕааһын #

Сүрүн, тыын суолталаах (хол., дьарык)

Нууччалыы Основной, жизненно важный (напр., занятия)

  • Былыргы дьон бастакы үлэтинэн булт бултааһына
    Саха фольк

6 этии #

Бастакы көмө - оһолго түбэспит эбэтэр эмискэ улаханнык ыалдьыбыт киһиэхэ (сүөһүгэ) оҥоһуллар маҥнайгы суһал көмө Оһолго бастакы көмөнү оҥорууттан эмсэҕэлээччи доруобуйата улахан тутулуктаах. “ХС”. Сэминээрдэргэ, атын араас боппуруостары сэргэ, табаһыттары ыалдьыбыт табаларга бастакы көмөнү оҥорорго үөрэтэбит. “Кыым”

Нууччалыы Первая медицинская помощь

«Б» буукуба