ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

батары

Нууччалыы внутрь, вглубь

Ис хоһооно · 4

1 #

сыһ

  • Били кини муус кыралыыр килиин сүгэтэ манна кэлэн, дүлүҥҥэ батары охсуллан турар эбит.
    Эрилик Эристиин
  • Биһиги ирбэт тоҥ уорҕатыгар диэри тимир-бетон сыбаайалары батары саайан киллэрдибит.
    Н. Лугинов
  • Лида уһун чомпойдоох кыраабылын сиргэ батары анньан баран эргичиҥнэтэр
    А. Федоров
Өссө холобурдар (2)
  • Туохха эмэ улаханнык батылла, тимирчи (түс, хаамп уо. д. а.). Θ Во что-л., в глубину чего-л. погружаясь (застревать и т. д.). Мин хаарга батары түһэн хааллым.
    Н. Тарабукин
  • Чөркөйүм төбөтүн оройунан дулҕа сиэлигэр батары түһэн, хамсаабакка сытара
    Далан

2 #

Туох эмэ иһигэр (тимирдэ) супту, өтөрү (саай, оҕус, баттаа уо. д. а.)

Нууччалыы Внутрь, вглубь (ударить, воткнуть, вдавить)

3 #

Кытаанахтык, дьөлө (көр)

Нууччалыы Пристально, пронзительно (смотреть)

  • Макаар кылааска киирбитигэр Ньукуус -- кинини хатыылаах баҕайытык батары көрдө. Дьүөгэ Ааныстыырап. Биир эдэр уол мааҕыттан миигин батары көрөр да көрөр
    Н. Лугинов

4 #

Кистээбэккэ, аһаҕастык (санааҕын эт)

Нууччалыы Прямо, открыто (высказать мысль)

  • Баһылай маладьыас - кини ис санаатын хаһан да кистээбэт, үчүгэйи-куһаҕаны көрбүтүн батары этэр.
    П. Ойуунускай
  • Сатаммат буоллаҕына, эн: “Аны кэлимэ”, - диэн батары этиэххин
    Д. Таас

«Б» буукуба