Перевод с якутского
кимирий
туохтуур
Нууччалыы уходить в безграничную даль, вглубь
Ис хоһооно · 5
1 туохтуур #
дьүһ. туохт
Хаарыс солко халлаан кимирийэр далайа Харах далыгар киирбэттик дириҥээбитэ Р. Баҕатаайыскай
2 туохтуур #
Бүтэр түгэҕэ суох киирэн бара тур (халлаан туһунан)
Нууччалыы Уходить в безграничную даль, вглубь (о небе)
3 туохтуур #
Симиллибит курдук модьу көрүҥнэн
Нууччалыы Быть плотным, крепко сбитым. [Хардаҥ эһэ] Кэлин өттө үрдүктүҥү, Кимирийбит киппэ күөннээх
Күннүк Уурастыырап Күннүк Уурастыырап
4 туохтуур #
Иҥсэлээхтик, олус баҕаран туран, аһаа-сиэ
Нууччалыы Есть с жадностью, с большим аппетитом
Ньукуус өтөрүнэн аһаабатах амтаннаах аһын хайгыы-хайгыы, харса суох кимирийэр
Н. Лугинов
5 туохтуур #
Күүскэ охсуолаа, кырбаа
Нууччалыы Ударять, бить сильно
Сирэйин сыттыгынан саба баттаан баран, дэлби кырбаан, кимирийэн биэрбиттэр. "Чолбон". Миигин кимирийбитиҥ курдук, кими баҕарар үлтү түнэлээн биэрэр буол. Н. Гоголь (тылб.)