ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

баттык

аат тыл

Нууччалыы то, что употребляется для подпорки чего-л. или в качестве тяжести для придавления чего-л

Ис хоһооно · 7
I

1 аат тыл #

Тугу эмэ өйөтөргө, баттатарга туттуллар туох эмэ

Нууччалыы То, что употребляется для подпорки чего-л. или в качестве тяжести для придавления чего-л

2 аат тыл #

Сыарҕа ылахтарын үрдүлэринэн атахтарын туттарар уһаты мас

Нууччалыы Грядки, продольные скрепы саней

  • Уулаах сыарҕа икки баттыгыттан тэбинэн, муоһа тутан иһэр.
    Эрилик Эристиин
  • Сыарҕа сыҥааҕа, атахтара, баттыга хатыҥ мастан оҥоһуллаллар
    АНП ССХТ

3 аат тыл #

Киһи хонноҕун аннынан уонна илиитинэн анньына тирэнэр туорайдаах, үөһээ өттүнэн ачаахтыы быһыылаах анал оҥоһук

Нууччалыы Костыль с поперечной палкой

  • Икки мас баттыкка тайанан Түмэппий тиийэн кэллэ.
    Амма Аччыгыйа
  • [Сэмэн] балаататтан икки баттыгынан, бэрэбээскэлэммит атаҕын өрө тэбэн тахсыбыта.
    Н. Якутскай
  • Сарсыарда уһуктаат, түннүгүм сабыытын аһаары, остуол кытыытыгар өйөнөн турар баттыкпын сулбу тардан ыллым
    С. Никифоров

4 аат тыл #

Сохсо баттыыр сүрүн маһа

Нууччалыы Гнетник на ловушке зверя

  • Бу сохсо баттыга чэпчэки

5 аат тыл #

Туох эмэ киһи санаа эрэйэ оҥосторо, санаатын баттатара

Нууччалыы То, что мучает, подвергает душевному страданию кого-л

  • Харах уута мэлдьи ыар баттык, нүһэр сүгэһэр буолбатах.
    Амма Аччыгыйа
  • Быычыкайкааны үлүннэрэ-үлүннэрэ санаа баттыга оҥостон.... Оо, мөлтөх да киһибин!
    Н. Лугинов
  • Кинилэр хардарыта сыһыанҮнарыгар ханнык эрэ көстүбэт тосту уларыйыы тахсыбыта, онтукалара улам санаа баттыга буолан барбыта. “
    ХС
II

6 аат тыл #

, түөлбэ. Таба курун хараҕата

Нууччалыы Застежка - кляп на упряжи оленя

III

7 аат тыл #

, түөлбэ. Дьахтар этэрбэһин буодьута

Нууччалыы Меховая опушка у женских торбазов

«Б» буукуба