ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ыарык-баттык

аат тыл

Нууччалыы нечто тяжкое, трудное, тяжесть, бремя

1 аат тыл #

Киһи санаатын баттыыр, боҕуу буолар туох эмэ ыарахан, кыһалҕа

Нууччалыы Нечто тяжкое, трудное, тяжесть, бремя

  • Урут ыарык-баттык курдук санаан сылдьыбыт бэл тустаах үлэтэ кинини эбии тупсарар, кыаҕырдар курдук хотоойутук сананна.
    В. Титов
  • Сэрии кытаанах кэмигэр ыарык-баттык барыта сэбиэт санныгар сүктэриллэрэ: тулаайахтарга кыһамньы, аччыктааһынтан тахсыы, дьоҥҥо кытаанах санааны иитии
    Кыым

2 этии #

Этиилэр

Ыарык-баттык буол

ыарык буол диэн курдук.

  • [Уйбаан:] Миигин ким да куһаҕан суолунан байбыта диэбэтэ буолуо, ол эрээри дьэ бу санаабар улахан ыарык-баттык буолла.
    А. Софронов
  • Ол ынырык сурах Ыарахан аһыы дьайынан Ыарык-баттык буолан, Ыксары сабардаабыта.
    Күннүк Уурастыырап
Өссө холобурдар (1)
  • Киниэхэ, арааһа, дэриэбинэҕэ тарҕаммыт хоп-сип, сүлүһүннээх ыар тыллар, хатайыылаах санаалар ыарык-баттык буоллулар быһыылаах. И. Никифоров

«Ы» буукуба