ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ыарык

аат тыл

Нууччалыы что-л. тяжёлое, тяжесть, груз, вес

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Туох эмэ ыарахан, таһаҕас, баттык

Нууччалыы Что-л. тяжёлое, тяжесть, груз, вес

  • Сүүс бууттаах ыарык таҥнары тарпытын курдук буолла.
    В. Короленко
  • Мэҥиэни саһыл үөһээнэн ылбатын наадатыгар сэлэни мас лабааларынан хаппахтаан баран, ыарыгынан баттатыллар. ТСКБ. Итиччэ ыйааһыннаах тимир ыарыгы өрө астаҕына эрэ Коростелев иннигэр түһэн чөмпүйүөннүөхтээх
    Кыым

2 аат тыл #

Киһини баттыыр, сүгэһэр буолар ыар санаа, эрэй-кыһалҕа

Нууччалыы Что-л. угнетающее, бремя, ноша

  • Төттөрүтүн, бу бырааһынньык миэхэ ыарык дии санаата Айдар дьиэтигэр чугаһаан иһэн.
    Н. Лугинов
  • Доҕорум, таптыыр уйус Сүрэххэ, эрэбил, Хомойуу курдук куруус, Ыар ыарык суоҕун билэбин.
    С. Данилов
  • Киһини санаа кулута дииллэр да, Ньукулай бэрт хойукка диэри санаа-оноо ыарыга диэни билбэтэҕэ
    Күрүлгэн

3 аат тыл #

эмт. Дьахтарга, тыһы кыылга бөллөөт үөскүүр, ситэр, ууһатар уоргана

Нууччалыы Яичники. [Биэ төрүүр-ууһуур] ис уорганнара -- мааткаттан, -- маатка моонньуттан уонна ыарыктартан тураллар

  • НПИ ССЫа. [Биэ көҕүйбүтэ] маатка ыарыгыттан сиппит бөллөөт тахсыытын курдук бэлиэлээх
    НПИ ССЫа

4 этии #

Нууччалыы Стать бременем, обузой для кого-л., помехой кому-л.; угнетать кого-л

Этиилэр

Ыарык буол

кимиэхэ эмэ мэһэй, боҕуу буол; баттаа Эҥсилгэннээх иэйиилэр, Сындааһыннаах санаалар Мин санныбар сүгэһэр, Түөспэр ыарык буоллулар.

  • [Кистэлэҥим] сөбүн биэс уонтан тахса сыл устата санныбар ыарык буолан дьөлө сааллан сырытта.
    Р. Кулаковскай
  • Ньургун Николаевич аар кырдьаҕас -- дууһатын түгэҕэр сөҥөрдөн илдьэ сылдьар, кинини мунчаардар да, кэнникинэн ыарык буолан эрэр ис санаатын кэпсээн эрэрин сэрэйдэ.
    Г. Угаров
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. ДТС аҕырлых ʽтягостьʼ, тур. аҕырлык ʽтяжесть; бремяʼ

«Ы» буукуба