Перевод с якутского
мэҥэһин
туохтуур
Нууччалыы садиться с кем-л. верхом на коня, оленя и т. д. или с кем-л. на небольшую технику
1 туохтуур #
Көлөҕө, туох эмэ айан кыра тиэхиньикэтигэр кими эмэ кытта бииргэ олорус
Нууччалыы Садиться с кем-л. верхом на коня, оленя и т. д. или с кем-л. на небольшую технику (мотоцикл, велосипед)
Хабырыыс Ньукуу атыыһыттыын биир аты мэҥэстэн, куораттыыр буоллулар. И. Гоголев Витя биир күн, ийэтин кытта мэҥэстэн, бөһүөлэккэ көрдөрө айаннаан истилэр. Н. Заболоцкай Убайым миигин матасыыкылга мэҥэһиннэ КИИ СТ-2
2 туохтуур #
Тугу эмэ кытта бииргэ даҕаһан буол, хоһулас (үксүгэр ыарахан содуллаах туох эмэ туһунан)
Нууччалыы Ложиться тяжелым бременем, сопутствовать кому-чему-л. тяжким довеском (о болезни, лишениях)
Сура Мотелевна туох диэхтиэ баарай, кини кыһалҕалаах ыар олоҕор аны бу ыарыыта мэҥэһиннэҕэ, доҕуһуолластаҕа. Н. Якутскай Уот кураан сэриини мэҥэстэн кэлбитэ хайыы-үйэ икки сыла. И. Федосеев Куору кытта хоргуйуу-аччыктааһын мэҥэстибитэ. Х С. Ср
Өссө холобурдар (1)
др. -тюрк. миҥэш, с. -юг. мингес ‘ехать верхом вдвоем на одной лошади’