Перевод с якутского
ыарый
туохтуур
Нууччалыы болеть
English (medicine) to ail, to be or become ill; to ache, to hurt
Ис хоһооно · 6
1 туохтуур #
Нууччалыы болеть
English (medicine) to ail, to be or become ill; to ache, to hurt
күүскэ ыарый тяжело заболетьto get very sick атаҕым ыалдьар нога болитmy leg hurts
2 туохтуур #
Туох эмэ ыарыыга хаптар, ыллар, сыһын
Нууччалыы Подхватить какую-л. болезнь, болеть, заболевать
Кини сүрэҕинэн ыалдьара.
Суорун ОмоллоонИйэм ыарыйда, Кыаммат буолла, Майгыта да олус сатарыйда. С. Данилов Мойот тымныйан хас да хонукка ыарыйда Т. Сметанин
3 туохтуур #
Этиҥ-сииниҥ ыарыытын бил
Нууччалыы Испытывать боль
Арыыса ыалдьыбыт харытын түөһүгэр хам тутунна. Болот Боотур Көхсүбүнэн түспүппүн, санным уҥуохтара кыратык ыалдьаллар. Т. Сметанин [Пистолет:] Бэйи, эн тоҕо киһи илиитин ыга тутаҕын, ыалдьыбат үһү дуо? С. Ефремов
Өссө холобурдар (1)
Атаҕын бааһын тулатын кымаахтаан көрөрө, оччоҕо ыалдьара Ф. Софронов
4 туохтуур #
Ким-туох эмэ туһугар санааҕын ууран, улаханнык ылларан туран өйөө, дьарыктан
Нууччалыы Будучи чьим-л. поклонником, сторонником, болеть за кого-что-л
Коля, эн "Баатылаларга" ыалдьаҕын, боломуочунайдаан сылдьаҥҥын, арааһа, үчүгэй буолбуккун ээ, быһыыта. Далан Оҕолор наар тустуунан ыалдьыбыттара. Е. Неймохов Кырдьыгын эттэххэ, иккиэн да ыалдьыбыт дьыалалара буоллаҕа дии. Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (1)
Кини кытта төрөөбүт кыдьыктааҕа – ат сүүрдүүтүнэн ыалдьар үгэстээҕэ үһү Р. Кулаковскай
5 этии #
Этиилэр
Иһэ ыалдьар көр ис IV
[Ньукуу:] Сымыйалаабатаҕына иһэ ыалдьара буолуо. А. Софронов
Сүрэҕэ ыалдьар көр сүрэх I
Айан киһитэ, дьон бу курдук кэбилэммиттэрин көрөн, аһынан сүрэҕэ ыарыйда быһыылаах. Эрилик Эристиин Оҕом туһугар сүрэҕим ыалдьара баар миэхэ муҥа. У. Нуолур
Төбөтө ыалдьыбат көр төбө
Хата, ол туһунан кини төбөтө ыалдьыбат эбит. Н. Заболоцкай
Төбөтүнэн ыалдьар көр төбө
Ол кыһын эмиэ Никон оҕонньорго биир төбөтүнэн ыалдьар дьахтары батыһыннаран тиийбитим. ВНЕ НЭНь.
Өйүнэн ыалдьар
төбөтүнэн ыалдьар диэн курдук.
Улахан уол Кууһума эмискэ өйүнэн ыалдьыбыт. Күннүк Уурастыырап
6 этии #
Этиилэр
Уҥан ыарый көр уҥ
Сорох ардына уҥан ыалдьан дьоннорун куттуур буолбута. Дьүөгэ Ааныстыырап. Ср. ДТС аҕры ʽболетьʼ, тув. аарыыр ʽзаболеватьʼ, тат. авыру, караим. авру ʽболеть, занемочьʼ