ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ыарырҕаа

туохтуур

Нууччалыы по какой-л. причине (напр., от усталости, лени) считать что-л. трудновыполнимым, обременительным для себя

1 туохтуур #

Туох эмэ кыайтарары да ханнык эмэ биричиинэнэн (хол., сылайан, сүрэҕэлдьээн) оҥорорго ыарахан дии санаа, ыараханынан аах

Нууччалыы По какой-л. причине (напр., от усталости, лени) считать что-л. трудновыполнимым, обременительным для себя

  • Ийэҕинээн иккиэн ити миэхэ көмөлөһөргүтүн ыарыргыыргыт сүрдээх.
    Эрилик Эристиин
  • Ити айылаах түөрт хостоох ат эккирэтэр дьиэтигэр быстыбыт-ойдубут биир быраатын уонча хоннорорун ыарыргыыр хотун буоллаҕа.
    Далан
  • Корнил Петрович ат олбуорга киирэр тыаһын сонно истибитэ да, турарын ыарырҕаан, сыттыгар дьөлө түһэн сыппыта. Ойуку. Билигин тиэхиньикэ элбээбит кэмигэр илиинэн үлэлиири ыарыргыыр, абааһы көрөр, сүрэҕэлдьиир буоллубут
    А. Кондратьев

2 туохтуур #

Туох эмэ сыанатын, төлөбүрүн ыарахан, кыаҕы таһынан дии санаа

Нууччалыы Считать стоимость, цену чего-л. слишком дорогим, неподъёмным для себя

  • Кинээс иһигэр ыарыргыы санаата буолан баран, атыылаһыах буолбут тылын улаатыннаран, ыларга сөбүлэһэн кэбиһэр. Саха ост. I. Эргиэмсиктэр өлөрбүт харчыларын сорҕотун судаарыстыба хааһынатыгар биэрэллэрин ыарыргыыллар.
    БК БК

«Ы» буукуба