Перевод с якутского
баҕыыр
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы багор.
1 аат тыл #
Уһун укка олордуллубут тимир дэгиэ
Нууччалыы Багор. Оҕолору үтүктэн балыгы баҕыырынан охсоору ууга түһэ сыстым. Т. Сметанин. Гладиатордар өлүктэрин чаҕардар баҕыырынан иилэн соһон таһаараллара. В. Короленко (тылб.). // Тарбах тыҥырахтарыгар маарынныыр тимир дэгиэ. Металлический стержень с загнутым концом, крюк. Яхта ыарахан хара баҕыырдара уу түгэҕинэн өрө күөрэйэн тахсыбыттара. П. Филиппов
2 даҕааһын #
суолт. Баҕыырга маарынныыр токурдаах, күрүүктээх
Нууччалыы Имеющий крюк, крючковатый
Хаххан тимир баҕыыр тумсунан Хайыта харбыы тоҥсуйда, Сабарай кынатын сапсынан, Сабыта охсо дуксуйда. И. Чаҕылҕан [Хотой] Баҕыыр дэгиэ тыҥыраҕынан Батары харбаан олорон, Токур сытыы тумсунан Тоҕута-тэлитэ тыытан, Булдун-алдын садаҕалыыр С. Васильев