ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

баһа

аат тыл

Нууччалыы в дательно-местном падеже показывает, что действие направлено на конец, удаленную точку чего-л

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

көмө аат

  • Күн тиит баһыгар ойдо.
    А. Федоров
  • Уҥуоргу тыа баһыгар - Убаҕас салгын Унаар күөх буруо буолан Унаарыйан түспүт эбит. Нор. ырыаһ. Көрүдүөр баһыгар гитара Грузия кыыһын кэриэтэ, оргууй намылыйара
    П. Тулааһынап

2 аат тыл #

ыарыы түһүккэ хайааһын предмет уһук өттүгэр туһуламмытын эбэтэр оҥоһулларын көрдөрөр

Нууччалыы В дательно-местном падеже показывает, что действие направлено на конец, удаленную точку чего-л. или совершается в конце, на удаленной точке предмета

3 аат тыл #

Туттуу түһүккэ хайааһын оҥоһуллар, тарҕанар предметин бэлиэтииргэ туттуллар

Нууччалыы В орудном падеже употребляется при обозначении предмета, на котором совершается, распространяется действие

  • Бары сир баһынан аатырдын, Баатырдын, үйэҕэр баатырдын! Дьуон Дьаҥылы. Биллэригин баһынан Били оҕо саҥата эмиэ иһилиннэ.
    И. Чаҕылҕан
  • Тыа баһынан күн саһарҕата тыган, тахсан иһэрэ
    Эрилик Эристиин

4 аат тыл #

Таһаарыы түһүккэ хайааһын саҕаланар, тэйэр предметин бэлиэтииргэ туттуллар

Нууччалыы В исходном падеже употребляется при обозначении предмета, от которого начинается, удаляется действие. [Үүттүүрэп:] Чэ, хата сөпкө эттиҥ (уҥа орон баһыттан чымадаан иһиттэн үс иһит арыгыны остуолга уурар)

  • Хара сүүрүктэрим хампы хаамсан, Хамчаакы тайҕа баһыттан Ханыыларын булсуһар буолан бардылар
    Саха фольк

«Б» буукуба