Перевод с якутского
бил
туохтуур, аат тыл
Нууччалыы чувствовать, ощущать, осязать
English to know
Ис хоһооно · 11
1 туохтуур #
Туох эмэ дьайыытын эккинэн-хааҥҥынан арааран өйдөө
Нууччалыы Чувствовать, ощущать, осязать
Ыттар тордох чугаһаабытын билэн, эбии түһүнэн кэбистилэр. Н. Заболоцкай Ылдьаана иэдэстэрэ итийэн кэлбиттэрин биллэ. Софр. Данилов. Мин, хап-сабар тиийдим да - үрүүмкэлээх арыгыны соҕотохто түһэрэн кэбистим, омуммар арыгым да амтанын хотон билбэккэ хааллым. Н. Неустроев Атаҕын ыарыытын дьэ билэн, тобугун харбаммытынан, Фокин диэки дьүккүйүөҕүнэн дьүккүйэн баран, оҕонньор ыараханнык эҥсэлитэн саҥарда Амма Аччыгыйа
2 туохтуур #
Ким, туох эмэ туһунан өйдөбүллээх буол
Нууччалыы Иметь представление, знать о ком-чем-л
Эһэтиттэн үөрэнэн кыыл майгытын бэрт үчүгэйдик билэр. Н. Якутскай Дьахтар түөрт уон түөрт эрэй-илбис үөрэҕин билэр.
П. ОйуунускайКиэһээ аһылык кэнниттэн, улахан хоско ким туох үчүгэй сэһэни, кэпсээни, остуоруйаны билэрин кэпсэтэллэр Н. Якутскай
3 туохтуур #
Урут билсибит, көрбүт, истибит буолан, ким-туох эмэ туһунан өйдөбүллээх буол
Нууччалыы Будучи знакомым с кем-л., узнавать, опознавать. - Тыый, эн мин аҕабын билэҕин дуо? - Ээ, билэбин
Н. Г. Чернышевскайы биһиги бары истэбит, билэбит.
Суорун ОмоллоонКыыс убайын саҥатын биллэ, аргыый чугаһаан кэллэ Болот Боотур
4 туохтуур #
Туох эрэ дьиҥин быһаарар суолталаах буол (кэлэр кэм ф-гар тут-лар)
Нууччалыы Выяснять что-л. для определения истины чего-л. (в ф. буд. вр.)
Күүс билиэ - үлэһит кыайыа да, биһиги дьаһайыахпыт. Эрилик Эристиин Эдэрдэр сөбүлэһэргит билиэ буоллаҕа дии.
П. ОйуунускайКиһи көрүҥэ билбэт. С. Ефремов
Өссө холобурдар (1)
[Егор Егорович:] Ээ, дьэ тугу мөккүстэххитий: доппуруос түмүгэ итиэннэ хамандыыр илии баттыыра билиэ буоллаҕа дии С. Ефремов
5 туохтуур #
Туох эмэ буолбутун тургутан, санаан өйдөө
Нууччалыы Испытывать, переживать пройденное происшествие
Үгүс үтүөлээҕим үрдүнэн элбэх атаҕастабылы-баттабылы эппинэн - хааммынан билбитим. М. Доҕордуурап Олох диэн оонньуу буолбатаҕын Оҕо сааспыттан билэбин С. Данилов
6 туохтуур #
Болҕомтоҕор уур, ыл
Нууччалыы Вникать, внимательно рассматривать; обращать внимание
Кини [Кууһума] көрдөҕүнэ, барылара ып-ыраас мааны таҥастаахтар, барыларын иннигэр төһө эмэ кумааҕы тэлгэммит, онон хайалара улаханын, хайалара кыратын арааран билбэтэ. А. Софронов Кинилэр ити сэһэннэригэр күн ыраатан эрэрин билиминэ хаалаллар. М. Доҕордуурап Булка үлүһүйэн мааҕын тайаҕы кыҥыы сылдьан саам сомуоҕун туруоран кэбиспиппин билбэккэбин, саам ыарҕаттан тардыллан эстэн дэлби барда Т. Сметанин
7 туохтуур #
Туох эмэ буолтун сэрэй, тугу эмэ таайа санаа
Нууччалыы Предчувствовать, уловить чутьем; догадываться (обычно о чем-л. недобром)
Ийэ барахсан туох эрэ куһаҕан буолбутун сүрэҕэ-быара өтө билбитэ.
Суорун ОмоллоонМитя! Эн төһө да кистээ, төһө да онон-манан сирэйдэн, мин син биир билэ сылдьабын Дьүөгэ Ааныстыырап
8 туохтуур #
Туохха эмэ сатабыллаах, үөрүйэхтээх буол
Нууччалыы Иметь навык; быть способным что-л. делать
Биһиги эрэдээксийэбит үлэһиттэрэ сүнньүнэн бэйэлэрин үлэлэрин билэр дьоннор диэххэ сөп. С. Никифоров Тюрк. бил
9 этии #
Нууччалыы Я очень хорошо знаю его со всеми недостатками; я знаю всю его подноготную (букв. рыба из известного мне озера)
Этиилэр
Атаҕа сири билбэт көр атах
Мин бүгүн дьоллоох күнүм. Үөрүүбүттэн атаҕым сири билбэт буолла. С. Ефремов Билэр күөлүм балыга сэнээн - киһиргиэҕэ туох да суох, мин кинини бэркэ билэбин Тустууккунан да билэр күөлүм балыга этиҥ. ХС
Өссө холобурдар (1)
Тэҥн. биллэр киһи; киһи билэр киһитэ
10 этии #
Билэн да көрбөт - туох эмэ уларыйыы буолбутун өйдөөбөт, кыһаллыбат Оҕо сылайбыта, уутугар өлбүтэ бэрт буолан, -- ороҥҥо сытыарбыттарын билэн да көрбөт. Н. Якутскай
Нууччалыы И не замечает, что произошло; не чувствует
11 аат тыл #
, зоол. Өрүскэ үөскүүр, лосуостар бөлөхтөрүгэр киирсэр, кыра хатырыктаах, күрүҥ дьүһүннээх дүлүҥ курдук улахан балык
Нууччалыы Таймень. Бил баһыттан сытыйбытыгар дылы. (өс ном.) Өрүс балыктарыттан бил, сыалыһар, сордоҥ уобараска үгүстүк туһаныллаллар. КНЗ СПДьНь. Арыт хас да тойон балык - бил, тууччах түбэһэр. Болот Боотур. Тюрк. бил, пил