ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

билии

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы ощущение, осязание, чувствование

English knowledge

Ис хоһооно · 12
I

1 аат тыл #

Туох эмэ дьайыытын, сабыдыалын этинэн-хаанынан арааран өйдөөһүн

Нууччалыы Ощущение, осязание, чувствование

  • Көрүү, истии, сыты, амтаны билии, бигээһин көмөлөрүнэн киһи тас обúектар тустарынан сибидиэнньэлэри ылар
    ДИМ

2 аат тыл #

Тулалаан турар эйгэни, олоххо баар чахчылары өйгө-санааҕа иҥэринии, өйдөөһүн

Нууччалыы Познание, приобретение знания, постижение закономерностей обьективного мира

  • Аан дойдуну билии.
  • Олоҕу билии диэн, дьиҥ иһигэр, дьону билии, кинилэр өйдөрүн-санааларын, үөрүүлэрин-хомолтолорун, дьулуурдарын-баҕаларын билии. Софр. Данилов. Медицинскэй билиилэри өссө төрүт былыргы дьон мунньуммуттара
    КФП БАаДИ

3 аат тыл #

Тугу эмэ үөрэтэн, чинчийэн баһылааһын, онно үөрүйэҕи, сатабылы иҥэринии

Нууччалыы Приобретение знания, опыта; сведений о чем-л

  • Кини техникаҕа олус сыстыгас, онно да билиитэ киэҥ.
  • Норуот олоҕун үчүгэйдик билии - суруйааччы үлэтэ ситиһиилэнэрин төрүтэ. Софр
    Данилов

4 аат тыл #

Үөрэх, наука эйгэтигэр киирэн, ханнык эмэ уобалас туһунан өйдөбүллээх буолуу

Нууччалыы Овладение сведениями в какой-л. области

  • Болугур оҕонньор онно өйдөөбүтэ: кинигэ киһи өйүгэр, билиитигэр элбэҕи биэрэрин.
    Н. Якутскай
  • Дипломнай үлэ - бу биэс сыл устата мунньуммут билиигин түмэн оҥорор аан бастакы научнай үлэҥ
    Н. Лугинов

5 аат тыл #

Ханнык эмэ тылы үчүгэйдик баһылааһын

Нууччалыы Владение каким-л. языком

  • Икки тылы билии туох да куһаҕаны аҕалбат.
    Далан
  • Элбэх тылы билии - биир күлүүскэ элбэх тыллаах буолуу. (Ф. Вольтер)
    ЭБЭДьА

6 этии #

Этиилэр

Бас билии көр бас II

  • Соппуруон баай урукку хамначчыттара кини бас билиититтэн тахсан өрөпкүөм тэринэн олохторун уларытан барбыттара. Н. Якутскай
II

7 аат тыл #

Икки үрэҕи, күөлү, сыһыыны быыһыыр кыра ойуур, томтор

Нууччалыы Узкая полоса леса или возвышенность, находящаяся между двумя водоемами, полянами

  • Бу толоон уҥуоргу өттүнээҕи тыа чараас соҕус үрдүк билии буолуохтаах.
    Амма Аччыгыйа
  • Биирдэ икки алаас билиитинэн тумустаан киирбит тыаны быһа түһэн иһэн, тоһуурга түбэстибит
    И. Федосеев

8 аат тыл #

Чугас-чугас сытар күөллэри араарар хонуу эбэтэр күөл уута быстыах курдук синньиир сирэ

Нууччалыы Полоса суши, разделяющая близлежащие озера или неглубокое узкое место озера; перешеек, перехват

  • Билигин оҕонньор киэҥ харахтардаах үс хоппуруон илими күөлү билиитинэн туора үтэ сытар.
    Л. Попов
  • Ол тумуһаҕынан күөл билиитэ дьара, хоту эҥээргэ олорор ыаллар арыыга бу билиинэн сылдьаллар
    У. Нуолур
  • Сотору кини билии тыаны туораан, киэҥ от үрэххэ өҥөс гына түһэн тохтоон турда.
    Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (2)
  • Ньукуу дьиэ билии истиэнэтин аттынааҕы хараҥа муннук ороҥҥо дьылыйан сытта.
    С. Никифоров
  • Лоҥкууда үрэх ыбыллар билии тумуһугар киирэн, Ананий көҥүһү мээрэйдии сырытта
    М. Доҕордуурап

9 аат тыл #

Тугу эмэ арыттыыр, араарар быыс

Нууччалыы То, что разделяет на части какое-л помещение, строение, перегородка

  • Кинилэри ортотунан билиилээх ампаар дьиэ хаҥас хоһугар киллэрэн, хаайталаан кэбистилэр.
    Эрилик Эристиин
  • Оҕонньор дьиэ уонна хотон икки ардынааҕы билиинэн биир муннукка тиийэн, эркин маһын халбарыччы аста уонна Кириһээни киир диэн ыйда.
    Д. Таас
  • Икки оҕонньор олбуордарын билиитигэр этиһэ хааллылар
    Амма Аччыгыйа

10 аат тыл #

Суол арахсар сирэ

Нууччалыы Место разветвления дорог

  • Сэттэ суол билиитигэр тиийэн күүтүөм
    Ньургун Боотур

11 аат тыл #

Туох эмэ буолар быыһа-арда (бириэмэ, кэм ыккардыгар)

Нууччалыы Промежуток между чем-л. (во времени)

12 даҕааһын #

суолт. Тугу эмэ араарар; быыс буолар

Нууччалыы Разделяющий на части что-л.; отделяющий одно от другого; служащий межой

«Б» буукуба