ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

бит

аат тыл

Нууччалыы примета, предзнаменование

English omen

1 аат тыл #

Нууччалыы примета, предзнаменование

English omen

  • куһаҕан биккэ дылы
    как дурная приметаas a bad omen

2 аат тыл #

Инники туох эмэ буолуохтааҕын таайтарар, биллэрэр, кэрэһэлиир бэлиэ, чинчи, сибики

Нууччалыы Предчувствие, предзнаменование, примета. [Дьэбдьиэ]... дьиэ иһигэр ол-бу бити итэҕэйэр курдуга

  • Урут, хаһан да дьиэ таһыгар чугаһаабат хабдьы көтөрдөр тэлгэһэ иһигэр, күрүө үрдүгэр түһэр буолбуттара. Мыычаан оҕонньорго бу эмиэ биир бит этэ. Кини тойоннуурунан, быйыл мас көтөрө сутуур, соппоҥ дьыла турара.
    Н. Якутскай
  • Балаайа куһаҕан битэ - хаҥас иҥэ быһыта тыыппыта, кырдьык, мэнээккэ буолбатаҕа: сотору “Хантаайап массыыната куорат суолун ортолоон иһэн, суол ханаабатыгар түһэн турар, аттыгар, киһи баара биллибэт” диэн сурах иһиллибитэ.
    Далан
  • Ср. тюрк. бүт, пүт 'верить'

3 этии #

Куһаҕан биккэ дылы кэпс. - туох эмэ куһаҕан буолуохтааҕын биттэммиккэ дылы а куһаҕан биккэ дылы. Болот Боотур. Ол иһин, куһаҕан биккэ дылы, бөлүүн балыктыы сылдьан кинини ахтыбыта ээ санаатыгар. Софр. Данилов. "Бэйи, ити куһаҕан биккэ дылы, тоҕо ыралыыр күтүрүй?" - Сөдүөччүйэ чаанньыгын үөһэ тардан кэбистэ. Амма Аччыгыйа

Нууччалыы Как дурная примета

«Б» буукуба