Перевод с якутского
биэтэҥнээ
туохтуур
Нууччалыы мерно качаться, раскачиваться
1 туохтуур #
Биир тэҥник хачайдан, иэҕэҥнээ
Нууччалыы Мерно качаться, раскачиваться
Тыы баайыылаах буолан, аанньа биэтэҥнээбэт эбит. Остуолбаҕа ыйаммыт лаампа тыал хамсатарыттан биэтэҥнии турар. Н. Якутскай [Үүйэ] килэбэчигэс маҥан суумката тоҕоноҕор биэтэҥниир. Л. Попов
Өссө холобурдар (1)
Тэҥн. эйэҥэлээ, биэрэҥнээ
2 туохтуур #
Төттөрү-таары кэл-бар, кэлэ-бара сырыт (улахан сыала-соруга суох)
Нууччалыы Ходить взад и вперед (обычно без особой охоты)
Күнү быһа биэтэҥнээн сылайда. Мин, аҕалара, кинилэр [оҕолор] икки ардыларыгар биэтэҥнии сылдьабын
Л. Габышев
3 туохтуур #
Быһаарыыта суох буол, саараҥнаа
Нууччалыы Быть нерешительным, колебаться
Биэтэҥнээбэккэ быһаар. Быһа биэтэҥнээн быһаарбата. Икки саары икки ардыгар биэтэҥнээн, мин эрэй бөҕөтүн көрбүтүм Н. Заболоцкай