ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

биһик

аат тыл

Нууччалыы колыбель; люлька

English cradle, bassinet

Ис хоһооно · 5

1 аат тыл #

Нууччалыы колыбель; люлька

English cradle, bassinet

  • биһикпин ыйаабыт сирим
    это земля, где я повесил люлькуthis is the land where I hung the bassinet

2 аат тыл #

Ньирэй оҕону бигээн утутарга аналлаах кыра орон

Нууччалыы Колыбель, люлька

  • Настя оҕону биһигэр илдьэн сытыарар.
    Н. Якутскай
  • Эһэтэ сиэнигэр бэйэтэ биһик оҥорбута.
    И. Гоголев
  • Биһиктэр үрдүлэринэн сүөһү хабахтарын ыйаан күлтэтэллэрэ, кылыгырас тыастаах чуорааннары баайаллара
    Дьүөгэ Ааныстыырап

3 аат тыл #

поэт. Ким-туох эмэ үөскээбит, иитиллэн тахсыбыт сирэ

Нууччалыы Место рождения кого-л. возникновения чего-л

  • Хайа баҕарар киһиэхэ төрөөбүт буора - төрөөбүт уйата, бигэммит биһигэ буоллаҕа.
    ХС
  • Өрөбөлүүссүйэ биһигэ Ленинград куорат килбэйэр киинигэр - Бастакы лииньийэҕэ турар эргэ дьиэ биир кыбартыыратыгар киирэбит.
    ХС
  • Москва - дьол, сырдык, кэлэр кэскил биһигэ.
    И. Федосеев
Өссө холобурдар (1)
  • Тюрк. бешик, бесик

4 этии #

Нууччалыы Хорошо знакомое место, родные места

  • Биһикпин ыйаабыт сирим - үчүгэйдик билэр сирим (төрөөбүт - үөскээбит дьиэм таһа сир) Маннык ыарахан суолунан мээнэ киһи айаннаабат. Иннокентий Степанович бу билбит, “биһигин ыйаабыт” суола.
    ХС
  • Киһи эрэ “биһигэ ыйаммыт” сирэ кини төһө да сайыннын, көрдүн-биллин, киэҥ далааһыннаах айаннаах-сырыылаах буоллун, өйүгэр-дууһатыгар олус үчүгэй, үрүҥ чүөччэр буолан иҥэр эбээт!
    А. Сыромятникова
  • "Мунуо суоҕа - биһигин ыйаабыт сирэ. Сарсыарда кэлиэҕэ", - Иннокентий Николаевич эмээхсинин уоскутар.
    ИИА КК

5 этии #

Нууччалыы Колыбельная песня

  • Биһик ырыата - оҕону утутарга ылланар ырыа Кини оҕотугар биһик ырыатын ыллаан биир кэм: А-аа-а!.. Баю-баюшки баю!
    Н. Якутскай
  • Миэхэ оргууй ыллаама Биһик намыын ырыатын, Хайҕаан, сэмээр ааттаама Хара хаастаах кыыс аатын.
    И. Гоголев
  • Кини [суотчут оҕонньор] кырыымпаҕа: “Дьахтар ырыата”, “Биһик ырыата” онтон да атын ырыалары олус үчүгэйдик оонньуур. М. Доҕордуурап

«Б» буукуба