Перевод с якутского
биһирэм
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы особый, задушевный, сердечный
English admiration
1 даҕааһын #
Ордук чугастыы дьоҥҥо аналлаах, бүччүм, иһирэх
Нууччалыы Особый, задушевный, сердечный
Биһирэм кэпсэтии. Биһирэм көрсүһүү. Биһирэм остуол. Кэргэн кэпсэтии - сүрдээх истиҥ, биһирэм дьыала. ЭСС. Биирдэ эмэтэ, Биһирэм кэпсэтиигэ, Бэлиэ тылы истибитин, Бэйэтиттэн эбэ түһэн, Биллэрэн биэрэн, Дурууска дуоһунастанан Дохуокка тиксэр
Өксөкүлээх Өлөксөй
2 этии #
Биһирэм аһылык (остуол) - уруу иккис күнүгэр кэргэннии буолбуттар чугас урууларын кытта бииргэ аһааһыннара Уон улуу уустар ытык-мааны кырдьаҕастара Тыгын Дархан ураһатыгар биһирэм аһылыкка мустубуттара. “Чолбон”. Иккис күнүгэр биһирэм аһылыга диэн аһанара. Онно түҥүрдүүлэр, ходоҕойдуулар хаалан аһыыллар. “ХС”. Саамай кэнники сүмэтин биһирэм аһылыкка аймахтар уонна бастаахтар аһыыллар үһү. Далан
Нууччалыы Особое угощение (для родственников на второй день свадьбы)