ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

биһээл

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы фишка.

Ис хоһооно · 4
I

1 аат тыл #

, эргэр. Остуол оонньуутугар: очукуо, ахсаан аахсарга бэлиэ буолар кыра туох эмэ (хол., мас тоһоҕоһо, испиискэ маһа, бытархай харчы)

Нууччалыы Фишка. Түүнүн түһээн-хаартылаан, Куруук биһээл аахсааччы, Үрүт-үөһэ хаһыытаан, Куруускалаан тахсааччы. Күннүк Уурастыырап

II

2 даҕааһын #

, кэпс

  • Миигиннээҕэр быдан уопуттаах, дьиҥ мамонт дьарыктаах биһээл, мындыр дьон, бу учуонайдар бааллар эбит.
    ХС
  • Уус кыра, бытаан, биһээл оҕонньор. “
    ХС

3 даҕааһын #

Мындыр, сэрэх, барытын төрдүгэр диэри толкуйдаан, ымпыктаан-чымпыктаан оҥорор, хаһан да санаабычча оҥорбот

Нууччалыы Чрезвычайно тщательный, скрупулезный, делающий все основательно, неспешно

4 даҕааһын #

Бытаан, сындалҕаннаах, киһи сыратын барыыр (үлэ, дьарык)

Нууччалыы Утомительный, кажущийся бесконечным (работа, занятие)

  • Саамай наҕыл-бытаан, биһээл кирдээх үлэбит саҕаланна, Айаан Алексеевич. Мамонт дьардьамата толору баар буолсу.
    Н. Габышев
  • Наар биспэх ардахтаах биһээл күҥҥэ бутукунаһар курдукпут, уу бырдаҥата бараммат биллэр-биллибэт самыыры санатан кыралаан таҥаскын илитэр, салгытан да кэбистэ. “
    ХС

«Б» буукуба