Перевод с якутского
ньиэрпэ
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы нерпа.
1 аат тыл #
Түлүөн бииһигэр киирсэр үүтүнэн иитиллээччи
Нууччалыы Нерпа. Чуумпура түстэҕинэ, Нуһараҥ кэллэҕинэ - Үрүҥ эһэлэр быгыалыыллар, Үнэр ньиэрпэлэр быардыыллар. Күннүк Уурастыырап. Оттон муора булдунан иитиллэн олорооччулара -- киит, морж, түлүөн, ньиэрпэ ырыаҕа-номоххо киирэллэр, остуоруйа сүрүн персонажтара буолаллар. КНЗ СПДьНь. Быйыл муораҕа сааспыт хойутаата ээ, тоҕо эрэ арыыларга ньиэрпэ үөрдээн эрэр бэлиэр. Ч. Айтматов (тылб.)
2 даҕааһын #
суолт. Ньиэрпэ тириититтэн тигиллибит; ньиэрпэҕэ киирсэр
Нууччалыы Сшитый из шкур нерпы; нерповый
Ньиэрпэ саҕынньах. Ньиэрпэ бэргэһэ. [Үрүҥ эһэ оҕото] Үргүүк ньиэрпэ үөрүгэр Үөмэн бултуу үөрэнэр, Иитиллибит ыырыттан Ийэтиттэн ырааппат. А. Кондратьев Хойут мин бу муора хахайдара диэн ньиэрпэ боруодатыгар киирэр, букатын куттала суох кыылларын билбитим. Р. Стивенсон (тылб.)