ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

бооччой

туохтуур, ахсаан

Нууччалыы связывать или завязывать, несколькими неумелыми узлами

Ис хоһооно · 4

1 туохтуур #

Салаҥнык, элбэхтик түмэн баай (хол., быаны)

Нууччалыы Связывать или завязывать, несколькими неумелыми узлами (напр., веревку)

  • Ньирэйин, ситэ эмнэрбэккэ эрэ, быатыттан соһон баайан бооччойдо
    Н. Якутскай

2 туохтуур #

Тугу эмэ, үчүгэйдик сатаабат да буоллар, кыһанан оҥор

Нууччалыы Делать что-л. старательно, несмотря на свое неумение

  • Илим баайан бооччойобун.
  • Боккуой эмээхсин, куобаҕынан да буоллар, атаҕын-илиитин таҥаһын биир кэм бооччойон тахсара.
    А. Сыромятникова
  • Муҥ саатар, тыллары ситимнээн, Боростуой даҕаны этиини Бооччойон таһаарбат эрээри, Поэттаан сордонор холуһуон
    Күннүк Уурастыырап

3 туохтуур #

Бытааннык, салаҥнык суруй

Нууччалыы Писать медленно и неумело

  • Хара тастаах тэтэрээтигэр тугу эрэ бооччойон бэлиэтэннэ.
    И. Гоголев
  • Ол быыһыгар бэйэтэ эмиэ кистии-саба, тэтэрээккэ суруйан бооччойон, оҕолору кытта тэҥҥэ үөрэнэ олорор буолар. Софр
    Данилов

4 туохтуур #

Туох эмэ онно суоҕу, сымыйаны кырдьык, дьиҥнээх курдук көстөр гына оҥоро сатаа

Нууччалыы Сочинять, стряпать что-л. малоправдоподобное на основе своих выдумок

  • Мин таайарбынан, табаарыс Ыларов бу суругун оройуон салайар үлэһиттэрин биһиги балыыһабыт кэлэктиибин холуннарар, кинилэр үтүө ааттарын сиргэ-буорга тэпсэр сыалынан бооччойбут.
    Р. Баҕатаайыскай
  • Ол-бу солуута суох аайы аах бооччойо-бооччойо суукка биэрэр адьынаттааҕа. Тулхадыйбат д. Тэҥн. бааччай, бөөччөй

«Б» буукуба