ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

боруонса

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы сплав меди с оловом или с некоторыми другими металлами; бронза

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

1. Алтан хорҕолдьуну эбэтэр сорох атын металы кытта холбуу уһаарыллыбыта

Нууччалыы Сплав меди с оловом или с некоторыми другими металлами; бронза

  • Оччолорго боруонсаны үс суол ньыманан ыла сылдьыбыт эбиттэр: бастакыта, алтаҥҥа бэрт кыратык хорҕолдьуну холбуу уулларан; иккиһэ, алтаҥҥа кыратык хаа-дьаа көстөр мышьягы булкуйан; үсүһэ, алтаҥҥа кыратык хорҕолдьуну уонна мышьягы иккиэннэрин холбуу кутан. БИГ ӨҮөС. Скульптордар статуялары мыраамартан суоран, боруонсаттан кутан, мастан кыһан оҥороллоро
    КВП БАаДИ

2 аат тыл #

Боруонсаттан уус-уран оҥоһуктар (хол., статуя, мэтээл)

Нууччалыы Художественные изделия из бронзы; бронза (собир.)

  • Биһиги баарбыт айылҕаны айааччылар, сир киэбин уларыта тутааччылар_ _ Биһиги сүппэт дьүһүммүтүн Холустаҕа ойуулууллар; Биһиги модун мөссүөммүтүн Боруонсаҕа куталлар
    Л. Попов
  • Спортивнай күрэхтэһиигэ үһүс миэстэлээххэ тиксэр мэтээл. Θ Медаль за третье место в спортивных соревнованиях
  • Боруонса бюст.
Өссө холобурдар (3)
  • Эпэрээссийэ оҥорорго туттуллар боруонса инструменнар билиҥҥээҥҥэ диэри ордон хаалбыттар. КВФ БАаДИ. Онно дьон диэки хайыспыттар Кыһыл көмүс солотуулаах Уон алта боруонса кыргыттар
    Дьуон Дьаҥылы
  • Спортивнай күрэхтэһиигэ үһүс миэстэлээххэ тиксэр. Θ Присуждаемый за третье место в спортивных соревнованиях; бронзовый (медаль, награда). Боруонса наҕараада.
  • Роман Дмитриев боруонса мэтээлинэн наҕараадаланна
    КИС АаДЧ

3 аат тыл #

археол. Киһи аймах былыргы историятыгар дьон, боруонсаны уһаарарга үөрэнэн, онон сэп-сэбиргэл оҥостуулара

Нууччалыы В древнейшей истории человечества овладение людьми плавкой бронзы и преимущественное использование ее в изготовлении орудий труда; бронза (эпоха бронзы)

  • Боруонса үйэтэ.
  • Алма-Ататтан хотугулуу арҕаа Чу-Илийскэй хайаҕа боруонса эпохатын кэминээҕи храм көһүннэ. “Кыым”. Туймаадаҕа боруонса үйэтинээҕи дьон олорбут уонна көмүллүбүт сирдэрэ, туттубут сэптэрэ, киэргэллэрэ көстүтэлээн тураллар
    БИГ ӨҮөС

4 даҕааһын #

суолт. Боруонсанан оҥоһуллубут

Нууччалыы Сделанный из бронзы; бронзовый

«Б» буукуба