Перевод с якутского
чаҥ
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы сплав меди и олова, бронза
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Алтан уонна хорҕолдьун холбуу уһаарыллыбыт былааһыга, боруонса
Нууччалыы Сплав меди и олова, бронза
Чаҥынан оҥоһуллубут симэх. ПЭК СЯЯ. Чаҥ курдук харахтара дьону барытын куруук сиилиир, элэктиир курдуктар. Амма Аччыгыйа Чаҥынан дьэрэкээн түһэриллибит чаппараахтаах Н. Игнатьев
2 аат тыл #
Алтан уонна үрүҥ көмүс холбуу уһаарыллыбыт өлбөөркөй араҕас өҥнөөх былааһыга, буолускай
Нууччалыы Бледно-жёлтый сплав меди с небольшой добавкой серебра, нейзильбер
Көмүс буолбатах, чаҥ эбээт ПЭК СЯЯ Чаҥ киэргэл. Чаҥ болот. Ср. ДТС чаҥ ‘колокольчик; литавры’, кит. цин-тонг ‘бронза (крепкая медь)’
3 даҕааһын #
суолт. Чаҥынан, алтанынан оҥоһуллубут
Нууччалыы Медный, бронзовый
4 #
тыаһы үт. т. Тимири тимиргэ охсор курдук хатан тыас
Нууччалыы Подражание звуку, возникающему при ударе металла о металл
"Чаҥ-чаҥ" диэн тугу эрэ охсор тыас иһиллэр. Ср. ДТС саҥ ‘колокольчик; литавры’, кит. чжэн ‘гонг; литавры’ көр чэҥ. Атаҕар Адаар чаҥ адаҕалаах Кырдьаҕас Моруос оҕонньор өндөҥнөөтө. С. Васильев Ыстапаан чаҥтан халтарыйан ууга олоро түстэ. ХС
Өссө холобурдар (2)
2004 сыллаахха систэр, хайалар чаҥнара ирэннэр сир үрдүнэн сүүрүгүрэннэр Өлүөнэ уута хатылаан чычаарбатаҕа. КМП ДЬ Б. Ср монг. цанг ‘изморозь, иней’, ног. сенъ ‘льдина’