ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

боруор

туохтуур

Нууччалыы становиться сумрачным, полутемным

I

1 туохтуур #

, кэпс

  • Күн киирбитэ ыраатта. Халлаан биллэр-биллибэт боруора быһыытыйда.
    С. Никифоров
  • Киэһэрэн дьиэ иһэ боруоран барда
    В. Протодьяконов

2 туохтуур #

Хараҥаран болоор, борук-сорук буол

Нууччалыы Становиться сумрачным, полутемным (о наступлении вечерних сумерек)

3 туохтуур #

Борук-сорук сырдыкка болоорон, барыйан көһүн

Нууччалыы Быть еле видимым при сумрачном свете, проступать сквозь сумрак

  • Дмитриановтар дьиэлэрэ кыһыҥҥы тымныыга саба баттаппыттыы туман ортотугар боруоран турара.
    М. Доҕордуурап
  • Хата, хотуна Огдооччуйа обургу оһох төрдүгэр боруоран турар уолу, чанчыгыттан тардыалыы-тардыалыы, оройго охсоро
    Н. Якутскай
  • Харааран болоорхой дьүһүннэн. Θ Становиться темноватым, темнеть (о цвете). Баһаар суоһуттан чугас эргин хаар үрдэ боруоран барда. Софр. Данилов. Тэҥн. болоор
Өссө холобурдар (5)
  • көр борук. Сарсыардааҥҥы сарыал, киэһээҥҥи боруор тустарынан... таптаан ааҕар.
    Амма Аччыгыйа
  • Мас быыһынан дьиримнээн, Күн кутаата умуллар, Ойуур иһэ дириҥээн, Боруор хойдор, мунньуллар.
    П. Тобуруокап
  • Илинтэн хара боруор үөмэн тахсан халлааны бүрүйэн кэбистэ.
    М. Доҕордуурап
  • Саас этэ. Сайсарыга Боруор түһэн турбута.
    С. Тарасов
  • Өтөххө тиийэригэр боруор кыратык болооруйда да, син биир сырдыы илик. И. Гоголев

«Б» буукуба