Перевод с якутского
былдьаһык
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы взятие, получение с радостью, нарасхват
Ис хоһооно · 5
1 аат тыл #
Үөрүүнэн, түргэнник, хамаҕатык, былдьаһан ылыы
Нууччалыы Взятие, получение с радостью, нарасхват
Бэйэтэ туох да иҥэ-дьаҥа суох, көнө-сымнаҕас, сүрэхтээх, үлэһит буолан, кинини ыал былдьаһыгынан киллэрэллэр. А. Софронов Сотору үчүгэй сакааһы ыларым буолуо, эрэннэрбиттэрэ, остолобуой истиэнэтин уруһуйдуом. Эн билбэккин, манна, биһиэхэ, сакаас былдьаһык. В. Гаврильева Манна ыт оҕото дэбигис көстүбэт. Булчуттарга ыт оҕото былдьаһык И. Федосеев
2 аат тыл #
Ыксаллаах, тиэтэллээх, кылгас кэмҥэ толоруллуохтаах элбэх үлэ, оннук үлэ бириэмэтэ
Нууччалыы Большая срочная работа, время исполнения такой работы
Билигин, сайыҥҥы үлэ былдьаһыгар, уһаат оҥоро олоруох киһи суох. А. Сыромятникова Бетонщиктар билигин, үлэ былдьаһыгар, сыбаарсык курдук буолбатахтар, өрөбүлгэ кытары үлэлииллэр. В. Яковлев Сопхуос хамабаайыньыардара быйылгы дьыллаах быйаҥ былдьаһыгар көхтөөх куоталаһыыга туруннулар. “ Кыым
Өссө холобурдар (2)
Холкуоспут күүрүүнэн Хомууру түмүктүүр - Былдьаһык үлэнэн Быйаҥы үллүктүүр. А. Абаҕыыныскай Айдааннаах Аан дойду былдьаһык ньууруттан Мин Икки уллуҥах миэстэни ыларбын Дойдубар норуоппар Тугунан боруостаан сылдьабын Дьуон Дьаҥылы
3 даҕааһын #
суолт. Былдьаһыкка сылдьар, былдьаһыктаах
Нууччалыы Очень нужный, принимаемый нарасхват
4 этии #
Нууччалыы Сумерки, сумрак; сумеречное время
Сырдык-хараҥа былдьаһыга - сырдык-хараҥа икки арда, борук-сорук, үөл-дьүөл Биэлсэр нуучча оһох төрдүгэр сырдык-хараҥа былдьаһыгар сыстан, тугу эрэ суруйа турар Микиитэни одууласпахтаан баран, уол диэки илиитин уунна. Амма Аччыгыйа Былдьаһыктаах кэм (күн) - ыктарыылах кэм (туох эрэ үгүс үлэни кылгас кэм иһигэр толороору). Θ Горячая пора (день). От үлэтин былдьаһыктаах күннэригэр сүөһүлэрин сыл тахсар отун кыайан оттоммот, эбэтэр улаатан эрэр оҕото суох ыал отчуту наймыылаһарга күһэллэллэрэ. И. Аргунов Былдьаһыгынан ыл - өрүһүспүт, үлүмнэспит курдук түргэнник, хамаҕатык ыл (атыылас). Θ Брать (получать, покупать) нарасхват. Билигин эти былдьаһыгынан ылыахтар этэ
5 этии #
Былдьаһыкка түс - тиэтэл үрдүгэр түс, олус тиэтэй, ыгылый, түптэ түтүм үөһүгэр түс Ыксаан былдьаһыкка түһэн, баҕар, алҕас тахсыбыта да буолуо
Нууччалыы Очень, сильно торопиться