Перевод с якутского
борут
туохтуур
Нууччалыы еле видеть свет (от плохого зрения) или кое-как видеть кого-что-л.
туохтуур
, кэпс. Сырдыгы барбах аҕай көр, нэһиилэ көр
Нууччалыы Еле видеть свет (от плохого зрения) или кое-как видеть кого-что-л. (от недостатка света)
Соҕотох хараҕым сырдыгы нэһиилэ үдүк-бадык борутара. Н. Абыйчанин Мэхээлэ _ _ өлбөөдүччү көрбүт киэҥ харахтарынан атаҕын тумсун араччы борутан, муна-муна, киһини билбэт буола-буола, сытыытынан-сымсатынан саптаран сылдьар. Амма Аччыгыйа Соххор хараҕын соттуна-соттуна, Соҕуруу, илин көрөн сохсолдьутта. Уонна дьэ чугас урааҥхай туйгуна Уордайан турарын арыый борутта И. Эртюков